Сулусчут сүбэтин билсиэҕиҥ
Уопсайынан эттэххэ, урукку сыыһалары көннөрөргө уонна мунньуллубут сорудахтары бүтэрэн-оһорон кэбиһэргэ барсар күн. Бүгүн туох эмэ саҥа дьыалаҕа ылсыах иннинэ болҕомтоҕун урукку иэстэри сабарга уонна ситэриллибэтэҕи ситэрэргэ уур.
Хой (21.03 – 19.04).
Кыралаан да буоллар, дьон көмөтө, өйөбүлэ наада буолуон сөп. Долгуйума, быстах, суһал дьыалалары бүтэрэргэ көмө наада диэн этэллэр. Бу киэһэ хайаҕытын эрэ олус үчүгэй көрсүһүү биитэр кэпсэтии күүтэр.
Оҕус (20.04 – 20.05).
Тулуурдаах буолуу ирдэнэр күнэ. Күн бастакы аҥаарыгар кыралаан ол-бу уустук, мэһэй тахсан ылыан сөп. Күн ортотун кэннэ барыта уоскуйуо уонна табыллыбатах да табыллан барыа. Сүрүн былааннаргын тутус. Уҥа-хаҥас салайыма.
Игирэлэр (21.05 – 21.06).
Уларыйыы-тэлэрийии уонна саҥа дуогабардаһыы күнэ. Үлэҕэ саҥа үлэлэһээччилэри кытта кэпсэтии ордук табыллыа. Сүрүнэ, докумуону толорууга ураты болҕомтолоохтук сыһыаннас. Хос-хос бэрэбиэркэлииртэн толлума. Кимҥэ да иэс биэрбэтиҥ ордук.
Араак (22.06 – 22.07).
Бу күнү кыалларынан, сынньанарга уонна уоскулаҥҥа аныыр ордук. Үлэни-хамнаһы эрдэ бүтэрэн, киэһэни дьиэ кэргэҥҥин кытта итии үүттээх чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэтэргэ, уоскуйарга аныаҥ этэ. Эти-сиини күүскэ хамсатарга, уһун айаҥҥа ыытарга соччото суох күн.
Хахай (23.07 – 22.08).
Эйиэхэ эйэлэһии уонна анараа өрүтү эмиэ ылыныы, өйдөһүү күнэ. Үлэҕэ да, туохха барытыгар да сыччах бэйэ эрэ санаатын соҥнообокко, атыттар туох дииллэрин истэр уонна өйдөһөр уолдьаста. Үп-харчы чааһыгар үлүбээй туттартан тардын.
Кыыс Куо (23.08 – 22.09).
Үлэ, түбүк-садьык үтүө түмүгэ көстөр күнэ. Эрдэ оҥорбут үлэҥ кэскиллээх ситиһиилэри аҕаларын өйдүөҥ. Харчыны хайдах туттар табыгастааҕын үчүгэйдик толкуйдаан, былааннаа. Кими эрэ олус хомоппуттаах буоллаххына, алы гынарын көрдөһүөҥ этэ.
Ыйааһын (23.09 – 23.10).
Эбээһинэс, эппиэтинэс үрдүүр күнэ. Тулалыыр дьонуҥ эбэтэр салайааччыларыҥ эйиэхэ эрэннэрэллэрин биллэриэхтэрэ. Ыарахантан толлума. Ол оннугар бэйэни сатаан салайына, туттунар үөрүйэҕи баһылыырыҥ туһалаах буолуоҕа.
Скорпион (24.10 – 22.11).
Тыый, эйиэхэ бу нэдиэлэ саамай табыллыбыт күнэ бүгүн буолсу. Үлэҕэр да эйигин сыаналыахтара, убаастыахтара. Сыһыан олохтуурга, саҥа табаарыстары уонна өйөөччүлөрү булунарга бэртээхэй кэми туттумахтас.
Охчут (23.11 – 21.12).
Ситиһиилэнэргэ уонна саҥаны боруобалыырга анаммыт күн. Ол да курдук саҥа кыахтар арыллыахтара. Дьиэ кэргэҥҥэ дьиэни-уоту хомунарга, олорор усулуобуйаны тупсарарга барсар, кырата, ону былаанныырга бэртээхэй күн.
Чубуку (22.12 – 19.01).
Үлэҕэр саҥа быраабылалар олохтонуохтарын эбэтэр саҥа үлэһиттэр кэлиэхтэрин сөп. Бүгүн саҥа ньымалары туһанан үлэлиириҥ ордук түмүктээх, таһаарыылаах буолуоҕа. Дьон иирсээнигэр кыбыллыма.
Күрүлгэн (20.01 – 18.02).
Чугас дьоҥҥун кытта сибээһиҥ, сыһыаныҥ күүһүрэр күнэ. Дьиэ кэргэниҥ эйиэхэ эрэнэр. Кинилэр көрдөһүүлэригэр болҕомтолоох буол, толор, күдээринэ истэн кэбиһимэ. Үлэҕэ тулуурдаах, дьаныардаах буолуу ситиһиини аҕалыа.
Балыктар (19.02 – 20.03).
Ис таайан көрөр дьоҕур уонна айар кут уһуктар күнэ. Айдааҥҥа-куйдааҥҥа чугаһаама, элбэх иһитиннэриинэн мэйиигин ноҕоруускалаама. Айылҕаҕа тахсан эбэтэр бэйэҥ бүөмнээн, чуумпуран-иһийэн, олоро түс. Ол эйиэхэ күүс, сэниэ эбинэргэр көмөлөһүө.