Сулусчут сүбэлиир
Сэтинньи 5 күнүгэр Ый — Ыйааһыҥҥа, оттон ретрограднай, төттөрү хайысхалаах, Меркурий — Скорпион бэлиэтигэр ыалдьыттыыр ураты күннэрэ буолар. Бу күн буолан бүппүт кэпсэтиилэргэ төннөргө, урукку сибээстэри сөргүтэргэ, дьыаланы бэрээдэктииргэ уонна бытархай түгэннэргэ болҕойорго ордук табыгастаах.
✅ Хой.
Бытархай уонна күннээҕи үлэни, үлэҕэ сыһыаннааҕы киэһээҥҥигэ хаһааммакка, эрдэ- сылла бүтэрэн- оһорон кэбис. Болҕомтолоох буол. Ол оннугар киэһэҕин сыһыаны анааран көрөргө уонна былаанныырга туһан. Харчы киириэн сөп.
✅Оҕус.
Кэпсэтии- ипсэтии, суруйсуу бүгүн бэркэ табыллар күнэ. Санаа хоту барыта табыллан иһэригэр эрэн. Кириитикэни ыарыылаахтык ылыныма. Толкуйдан.
✅Игирэлэр.
Үлэ, түбүк санаабыккынааҕар үгүөрү буолсу, ол эрээри түмүгэ күүтүллүбүттээҕэр быдан үчүгэй, ордук буолуоҕа. Дохуот эбиллэр чинчилээх. Холобур, иэскин төннөрөн, үөрдүөхтэрин эмиэ сөп.
✅Араак.
Аргыый- наллаан үлэлииргэ, суоту- учуоту бэрэбиэркэлииргэ, бүддьүөтү уонна дьиэ-уот боппуруоһун бэрээдэктииргэ туһалаах кэм.
✅ Хахай.
Айар кут күүһүрэр, таптал иэйиитэ эбиллэр күнэ. Саҥаны айарга- тутарга бэртээхэй кэм. Ол эрээри олоҕор суоҕу буолбакка, дьиҥ кыаллары толкуйдаа. Айылҕаҕа хаамыы туһалыа.
✅Кыыс Куо.
Күн бастакы аҥаарыгар туһата суох сүпсүлгэнтэн тэйэн, сүрүн сыалгар болҕомтоҕун уурарыҥ ордук буолуоҕа. Өйдөспөт быһыы тахсан ылыан сөп, олус айманыма.
✅ Ыйааһын.
Ый эн бэлиэҕэр баар буолан, эһигини аһаҕас- сайаҕас, олус кэпсэтинньэҥ гынар. Кэпсэтиилэри ыыт, ол эрээри атыттар тылынан эрэннэриилэрин суругунан, докумуонунан бигэргэттэрэриҥ ордук.
✅Скорпион.
Ретро-Меркурий дьайыытынан, күн арыый долгутуулаах, тыҥааһыннаах түгэннээх буолуон сөп. Кыра сыыһа- халты тахсыан, ким эрэ эрэннэрбитин толорумуон сөп. Ол кэм сотору бүтүөҕэ, үп-харчы чааһыгар ылынар быһаарыныыҥ табыллыа.
✅Охчут.
Саҥа билсиһиилэргэ, уопсастыбаҕа бэйэ балаһыанньатын бөҕөргөтөргө уонна аһаҕас тэрээһиннэргэ кыттарга барсар кэм. Сонун, туһалаах билсиһии баар буолсу.
✅Чубуку.
Уһун кэмнээх былааннары оҥорорго уонна официальнай дуу, үлэ дуу боппуруостарын тиһэҕэр тиэрдэргэ туох да ааттаах үчүгэй күн. Иирсээни таһаарбатыҥ, оннукка кыттыспатыҥ ордук.
✅ Күрүлгэн.
Уруккуттан баар кыһалҕаны быһаарар кыах баар. Соһуччу үөрүүлээх сонуну истиэх курдуккун. Саҕалаабыт үлэҕин хайаан да түмүктүүргэ кыһан.
✅Балыктар.
Ис холкутуйууну ситиһэ сатаа. Санаа киэҥ киэлитигэр умсубакка, уһуну- киэҥи толкуйдаабакка, бүгүн баҕас күннээҕинэн олорон көр. Салгыҥҥа сырыт, сөбүлүүр хоббигынан саатаа. Тугу эмэ ылыныаххын сөп.