29.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 141

Сулусчут сүбэлиир.

Алтынньы 29 күнүнээҕи (чэппиэрдээҕи) гороскоп.
Сулусчут сүбэлиир.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бигэ уопсай тылы булунарга табыгастаах күн. Саҥа сонуннары истиэххэ сөп. Бу күн Ый Игирэ бэлиэтигэр сылдьар буолан, дьон-сэргэ кэпсэтиигэ айаҕа аһыллар, хамсанарга-имсэнэр баҕата күүһүрэр  уонна айымньылаах үлэҕэ тардыһара улаатыа  

Хой.

Бу күн эйигиттэн тулуурдаах буолуу, былааннаан дьаһаныы ирдэниэ. Эрдэ саҕалаабыккын түмүктээ. Эбиэт кэннэ туһалаах сонуну истиэҥ. Киэһэни дьиэ кэргэҥҥин кытта атаар. Доруобуйа туруга бэртээхэй.

Оҕус.

Харчы уонна үп боппуруостарыгар бэрээдэги олохтуурга, дьиэтээҕи кыра үлэлэри бүтэрэргэ барсар  күн. Эн мындыр уонна практичнай толкуйуҥ барыга бары туһалыа. Киэһэ бэйэҥ сөбүлүүр дьарыккынан аралдьый, сынньан.

Игирэлэр.

Олус табыллар, ситиһэнэр күнүҥ.  Элбэх кэпсэтии, көрсүһүү уонна туһалаах иһитиннэрии киирэр чинчилээх. Саҥа идиэйэ киирдэҕинэ, туттумахтас. Дьон өйүө. Сүпсүлгэнтэн тэйиччи сырыт.

Араак

Чугас киһиҥ соһуччу көмөтө уонна өйөбүлэ эн уруккуттан долгуйа сылдьыбыт боппуруоскун быһаараргар көмөлөһүө. Тугу да тиэтэйэ-саарайа оҥорума. Күн иккис аҥарыгар уу чугаһыгар эбэтэр дьиэҥ иһигэр сынньанарыҥ ордук.

Хахай.

Үлэҕэр уонна тулалыыр дьоҥҥо салайар, бас-көс буолар дьоҕургун көрдөрөр кыах үөскүө. Кэллиэгэлэргин кытта сыһыаҥҥа тулуурдаах буол. Кинилэр санааларын иһит. Киэһэ истиҥ кэпсэтии күүтэр.

Кыыс Куо

Олус чуолкай, чопчу уонна сүр болҕомтолоох буолууну эрэйэр үлэлэргэ табыллыаҥ. Инники былааннары оҥосторго үчүгэй кэм. Сыалгын-соруккун бэрт дьэҥкэтик көрүөҥ. Дьиэ кэргэҥҥэ харчы туһунан кэпсэтии тахсыан сөп, Уопсай тылы була сатаа.

Ыйааһын.

Тус олоххор, атын дьону кытта сыһыаҥҥа сүрүн болҕомто туһаайыллар. Урукку сыыһалары уонна өйдөспөт түгэннэри көннөрөргө, өйдөһөргө табыгастаах кэм. Сүбэ көрдүүр дьоҥҥо көмөлөс, үтүөҥ үс бүк үрдээн эргиллэригэр ол көмөлөһүө.

Скорпион

Сыалгын ситиһэргэ хорсун, күүстээх хамсаныылары оҥор. Онуоха  кыаххын, күүскүн сөпкө сыаналаама. Кыайбаккар ылса сатаама. Хобби булунуох курдуккуе. Доруобуйа чааһыгар, ордук көхсүҥ уонна уҥуоҕуҥ туругар болҕой.

Охчут.

Бүгүн соһуччу көрсүһүү, интэриэһинэй дьон уонна саҥа билсиһии күүтэр. Биир эмэ киһи эйигин бэйэтин сонунунан интэриэһиргэтиэ эбэтэр айаҥҥа, үөрэххэ ыҥырыы кэлиэҕэ. Үлэҕэр туох эрэ көҕүлээһини киллэрэриҥ омнуоламмат, төттөрүтүн хайҕаныаҥ.  

Чубуку.

Үлэҥ чопчу бэрээдэги уонна түмсүүлээх буолууну эрэйиэн сөп. Наадалаах сыаллары туруоруммут түгэҥҥэр, биир кэмҥэ тэҥинэн хас да уустук дьыаланы ситиһиилээхтик түмүктүөх курдуккун. Доҕотторгуттан эбэтэр аймахтаргыттан үтүө сонунун истиэҥ.

Күрүлгэн.

Интуицияҥ сытыырхайан, ким эйиэхэ үтүө суобастаахтык сыһыаннаһарын, ким албынныырын чопчу билиэҥ. Соһуччу ураты толкуй  киириэ. Ким эрэ эппит тыла тулалыыр эйгэҕин уонна үлэҕин саҥа хараххынан көрөргөр тирэх, олук буолуо. Айар үлэҕэ табыллыаҥ.

Балыктар.

Күн бастакы аҥаарыгар былаан-соргу уонна тэрийэр-бэрийэр үлэ өттүгэр кыра мэһэйдэр тахсыахтарын сөп. Ол эрээри ис туруккун уларытарга, күүс-уох ыларга уонна саҥа кэмҥэ холкутук аһарарга үтүөкэн күн. Бэйэҥ ис дууһаҥ тугу этэрин иһит. Сыыһыаҥ суоҕа.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.