01.11.2026 | 10:30 | Просмотров: 215

Сулусчут өрөбүл күннээҕи сүбэтэ

Сэтинньи 1 күнүнээҕи гороскоп.
Сулусчут өрөбүл күннээҕи сүбэтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күн ретрограднай Меркурий уонна Чолбон дьайыыта биллэн ааһыан сөп. Онон харчыны суоттаан-учуоттаан туттар, иһирэх сыһыан наада кэмэ. Тугуҥ эрэ табыллыбатаҕына ый-сулус хаамыыта оннук диэн, холкутуйуохха сөп. Кырдьыга да, оннук. 

Хой.

Бүгүн олус ноҕоруускаламмат гына дьаһан, бэйэҕин харыстан. Сынньанарга бириэмэтэ бул, чугас дьоҥҥун кытта кэпсэт, уоскуй. Айылҕаҕа таҕыс, саатар тахсан, салгыҥҥа хаама түс.

Оҕус.

Биир кэм хатыланар түбүктэн сылайыы сибикитэ биллиэн сөп. Онон санааҕын көтөҕө таарыйа, сөбүлүүр дьарыккынан саатаа. Кыра тугу эмэ ылынан, бэйэҕин манньыта түс.

Игирэлэр

Эрдэ кыайан быһаарыллыбакка, ситэриллибэккэ хаалбыт боппуруоһуҥ күөрэйиэн сөп. Онтон киҥ-наар холлумуон наада. Кыыһыра-тымта сылдьыбакка, кыалларынан бүтэрэ-оһоро сатаа. Итинник буолааччы. Ааһыаҕа.

Араак.

Ый Хахай бэлиэтиттэн көстө. Ол түмүгэр “күлүктэн” тахсар санаа киириэ. Сулустар эйигин бэйэҕин көрдөрөр кэмиҥ кэллэ дииллэр. Тугу баҕараргын аһаҕастык этиэххин, ис санааҕын тиэрдиэххин сөп.

Хахай.

Күүс-уох, нэгир таһынан бычыахтыыр. Ол да буоллар күүскүн-күдэххин мөккүөргэ, иирсээҥҥэ бараама. Бэйэҥ тус сыаллааххын, баҕа санаалааххын дии. Ону олоххо хайаан да киллэрэр гына ол онно сүрүн күүскүн туһаай.

Кыыс Куо.

Хобу-сиби истимэ, киирэр иһитиннэриини, сураҕы-садьыгы барытан бэрэбиэркэлээн эрэ баран ылын. Кылбайар эрэ барыта көмүс буолбатаҕын умнума. Урукку сибээстэргин, хата, сөргүтүөҥ этэ.

Ыйааһын.

Чугас дьонуҥ бэйэлэрин атын өттүттэн көрдөрөн,  эйигин соһутуохтарын сөп. Түмүк оҥосторго тиэтэйимэ. Кинилэр туох санааттан итинник быһыыламмыттарын өйдүү, өйүү сатаа.

Скорпион.
Эрэлиҥ, эрэмньиҥ улаатар күнэ. Атын дьон мөккүөрүгэр, майдааныгар ончу орооһума. Быһаарсыахтара. Ол кэриэтэ бэйэҕэр суолталаах боппуруоска болҕой.
Охчут.
Урукку, умна быһыытыйбыт ыра санааҕар эргиллэргэ бэртээхэй күн. Бастакы хардыылары оҥорорго тоҕоостоох кэм. Бэл, былааныҥ ситэтэ суох да түгэнигэр, кэтэмэҕэйдээмэ.  

Чубуку.
Дьиэ кэргэн олоҕурбут үгэстэрин анааран көрөргө, дьиэни-уоту тупсарарга барсар күн. Саастаах аймахтаргын кытта кэпсэтии көдьүүстээх түмүгү биэриэ. Элбэх дьон тоҕуоругар сириттэн тэйиччи сырыт.

Күрүлгэн

Үп-харчы чааһыгар сэрэхтээх буоларга сүбэлииллэр.  Тугу эрэ атыылаһыаҥ иннинэ сыананы ырытан, үөрэтэн көр, дьонтон ыйыталас. Оччо айылаах наада дуо? Толкуйдан.
Балыктар.

Этиҥ-сииниҥ туругар болҕой. Доруобуйаҕын харыстаа, бөҕөргөтүнэр битэмиин, эмп иһэриҥ наада буолаарай? Куһаҕаны, ньиэрбэни күүрдэр тугу да ааҕыма, көрүмэ. Үчүгэйдик сынньан.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп