04.11.2026 | 08:30 | Просмотров: 204

Сулусчут эйиэхэ сүбэлиир

Сэтинньи 4 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут эйиэхэ сүбэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күн, сэтинньи 4-гэр Ый Кыыс бэлиэтиттэн Ыйааһын бэлиэтигэр көһөр.

Бу кэмҥэ күннээҕи түбүктэн, бэрээдэги манаһыыттан тэйэн, дьон ыккардынааҕы сыһыаҥҥа, өйдөһүүгэ уонна эйэлээх кэпсэтиигэ болҕомто ууруллуоҕа.

Хой.

Түргэн быһаарыныы, туттан- хаптан хаалыы эрэйиллэр. Сүрүн былааннары торумнуурга барсар күн. Эккин- хааҥҥын эрчий. Култуурунай тэрээһиҥҥэ сырыт.

Оҕус.

Эйиэхэ бэрт наҕыл, холку күн, ситиһии да үгүс буолсу. Дьыалаҕа ис дьиҥэр киирэн, олохтоохтук уонна болҕомтолоохтук сыһыаннас. Төрөппүттэргиниин кэпсэт. 

Игирэлэр.

Куһаҕан дьаллыктан босхолонорго уонна кыра мэһэйдэри туоруурга тоҕоостоох кэм. Дьиэтээҕилэргин кытта ирэ- хоро сэһэргэс. Кинилэргэ эн болҕомтоҥ тиийбэтин тэҥэ. 

Араак.

Уустук боппуруостары быһаарарга, кыыһырсыбыттыын эйэлэһэргэ олус табыгастаах күн. Баанньык, сауна туһунан толкуйданыаххын сөп. Куһаҕан санаа ууну кытта бардын. 

Хахай.

Түбүктээх уонна ис санааны ырытар, толкуйданар күнүҥ. Хата, өрүүр күн буолан, элбэх түбүктэн быыһаннаҕыҥ. Дьиэҕин- уоккун хомун. Наадата суох көрсүһүүлэртэн туттун.

Кыыс Куо.

Саҕаламмыт дьыаланы түмүктүүргэ, кумааҕы үлэтигэр уонна бэрээдэги олохтуурга үчүгэй күн. Онтуҥ ис туруккун сааһыланаргар да дьайыылаах буолуо.

Ыйааһын.

Доҕордуу сыһыан уонна үлэ боппуруоһа, тыл тылга киирсэргэ дьулуһуу бастакы миэстэҕэ тахсыыһылар.  Холку, намыын  муусука, кинигэ ааҕыыта уйулҕаҕын уоскутуо.

Скорпион.

Саҥа, сонун идеяларгын олоххо киллэрэргэ, көҕүлээһини көрдөрөргө уонна биир санаалаахтары булунарга бу күнү туттумахтас. Тапталлааххар иһирэх сыһыаҥҥын көрдөр.

Охчут.

Сонно тута уонна миэстэтигэр суоттаан- учуоттаан дьаһаныыҥ күннээҕи үлэҥ ситиһиилэнэригэр көмөлөһүө. Кыһыҥҥы хаһаас аскын бэрий. Астына сынньан.

Чубуку.

Инники кэскиллээх сыал- сорук уонна олох- дьаһах туһунан толкуйдуурга туох да ааттаах күн үүннэ. Кимиэхэ эрэ тугу эрэ эрэннэрэн баран, умна сылдьаҕын быһыылаах. Санаа эрэ.

Күрүлгэн.

Быһаарыныыны түргэнник ылынар сатабылтан элбэх тутулуктаныа. Олус уһуннук толкуйдаама. Эйиэхэ үчүгэйи түстүүр уларыйыы буолуох курдук.

Балыктар.

Ис туруккун иһиллэн уонна уоскулаҥҥа, айымньылаах үлэҕэ бириэмэҕин харыстаама. Үлэни уонна сынньалаҥы тэҥник аттаран туһанар баҕайыта. Олус элбэҕи толкуйдаан, мэйиигин сылатыаҥ суох этэ.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.