28.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 178

Сулусчут бу сырыыга кимиэхэ, тугу сүбэлиирий?

Алтынньы 28 күнүнээҕи сахалыы гороскоп.
Сулусчут бу сырыыга кимиэхэ, тугу сүбэлиирий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хой.

Бу күн урукку, бүтэрэ-оһоро илик  дьыалаларгын быһаарары эрэйиэҕэ. Үлэҕэр соһуччу күөрэйбит сорудах итиннэ бэрт түргэнник ылсаргар көҕүлүө. Ол эрээри ыксал-тиэтэл быһаарыныылары ылынан, үрдүнэн-аннынан оҥорбокко, ирдэнэр усулуобуйаны барытын толоро, кутуруга суох оҥоро сатаа.

Оҕус

Сарсыарда эрдэттэн үлэлиир турукка киир. Үп-харчы боппуруостара ураты сэрэхтээх буолууну эрэйэп. Омос көрүүгэ суолтата да суох курдукка олус болҕомтолоохтук сыһыаннас. Харчыны ордук-хос туттума.

Игирэлэр

Бу күн эйиэхэ сэргэх, интэриэһинэй билсиһиилэри, сэргэх кэпсэтиилэри аҕалыа. Соһуччу санаа да киирдэҕинэ көҥүл. Бастакы көрүү куруук сөптөөх буолбатын өйдөө. Чахчы дуу, омун дуу, сыныйан бэрэбиэркэлии сатаа.

Араак.

Сарсыарда дьыалаттан-куолуттан тэйэ уонна сынньана, сүрэҕэлдьии түһэр баҕаҥ күүһүрүөн сөп. Ол эрээри билиҥҥи балаһыанньаҕа бэйэни кыана туттуу наада.  Көрүллүбэккэ сыппыт кумааҕыларгын, докумуоннаргын дьаарыстыаҥ, көрөттүөҥ этэ.

Хахай.

Инникигэ эрэллээх буолууну уонна бэйэ туругун дакаастыыр сатабылы эрэйэр суолталаах кэпсэтии эйигин бүгүн күүтэр. Мөккүөрдэргэ кыттыма. Тылгын-өскүн кыатана туттарыҥ эрэйиллэр. Кыыһырыыгын, өсөһүүгүн киэр кыйдаа. Ол ордук бэйэҕэр наада.

Кыыс Куо.

Өр кэм тардыллыбыт, уһаан-тэнийэн испит, түмүктэммэтэх боппуруостары ситэрэргэ туох да ааттаах  күн. Ону туттумахтас. Иһитиннэриини кытта үлэлииргэ тулуурдаах, болҕомтолоох буол. Доруобуйаҥ тупсуо.

Игирэлэр.

 Билэр киһиҥ соһуччу этиилээх тахсан соһуотун сөп. Ону эн бастаан утаа  улаханнык сэргии, сэҥээрэ истиэҥ суоҕа. Ол эрээри тута батыныма, толкуйдаа.  Кэнникинэн күүтүллүбэтэх өттүттэн арыллыаҕа.

Скорпион.

Бу оптуорунньукка эн айылҕаттан бэриллибит ис таайан көрөр дьоҕуруҥ сытыырхайан туруо. Холобур, чуолаан кимҥэ ордук итэҕэйиэххэ сөбүн чэпчикитик сэрэйиэҥ. Айар үлэҕэ эбэтэр бэрт эрэйдээх-буруйдаах сорудахтары быһаарыыга ураты ньыманы таба тайаныаҥ.

Охчут.

Тулалыыр дьонуҥ, эйгэҥ эйигин саҥа санааларга уонна саҥа былааны-соругу оҥосторго угуйуохтара, көҕүлүөхтэрэ. Ол да буоллар, кылгас кэмнээх өрө көтөҕүллүүгэ ылларан, бэйэҕэр ордук-хос эбээһинэстэри ылыммаккар сулустар сүбэлииллэр. Киһи бэйэ күүһүн-кыаҕын сөпкө сыаналыах тустаах. Эрэннэриэҥ иннинэ үчүгэйдик толкуйдаа.

Чубуку.

 Эрдэтээҥҥи былааныҥ эмискэ тохтон, ууга-уокка түһүмэ. Уларыйыы буолар да буоллаҕына, ол үчүгэйгэ эрэ буолуоҕар эрэн. Инньэ гынан, кыалларынан сымнаа, уларыйымтыа буолары кэм-кэрдии бэйэтэ ирдиир. Киэһэ үөрүүлээх сонуну истиэх курдуккун.

Күрүлгэн.

Туох эмэ уратыны оҥорор дуу биитэр саҥа, сонун дьарыгынан (хоббинан) үлүһүйэр дуу баҕа үөскүөх курдук. Кэмигэр утуйар, сынньанар эрэсиими тутуһарыҥ ордук.  Айан-сырыы кэмигэр, суолга сэрэхтээх буол.

Балыктар.

Эн эмиэ ис таайан көрөр дьоҕуруҥ күүһүрэр, ону уустук боппуруостары быһаарарга туһанан хаал. Дьону кытта алтыһыыга, тус олоххор сылаас уонна бэйэ-бэйэни өйдөһүү кэмэ сатыылыыр. Холкутуйуу кэлиэ. Аймахтаргытыттан үчүгэй сонуну истииһигин.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.