27.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 143

Сулусчут сүбэтин болҕойон аах, туһан.

Алтынньы 27 күнүнээҕи сахалыы гороскоп.
Сулусчут сүбэтин болҕойон аах, туһан.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сулустар этэллэринэн, бу күн сылыктаан көрөргө, харчыга сэрэхтээх буоларга уонна тулалыыр дьону кытта холкутук кэпсэтэргэ табыгастаах.

♈ Хой.

Үлэҕэ тулуур уонна дьаныар наада. Эбии эбээһинэсти ылынарга тиэтэйбэт ордук. Чугас киһигин кытта ис дууһаттан кэпсэтии эрдэтээҥҥи өйдөспөт буолууну суох гыныа.

♉ Оҕус.

Сүрүн болҕомто харчыга уонна дьиэтээҕи дьыалаҕа ууруллуо. Улахан туһалаах атыылаһыыны эрдэттэн былааннаа. Киэһэҕин дьиэ кэргэҥҥин кытта атаар.

♊ Игирэлэр.

Эйигин соһуччу сонуннар уонна көрсүһүүлэр күүтэллэр. Былааннаабыккын уларытарга тиийиэҥ. Тус олоххор бэйэҥ бастаан хардыыны оҥор.

♋ Араак. Атын дьон кыһалҕатын бэйэҕэр ылыныма. Үлэҕэ холкутук кэпсэтэр үөрүйэх көмөлөһүө, дьиэҕэр да туһааннаах кэмигэр «суох» диири сатаа. Киэһэ чуумпурууну уонна сынньалаҥы тал.

♌ Хахай.

Ситиһиилэргин санатар уонна урукку былааннаргар төннөр кэм тирээтэ. Эбии дохуот туһунан кэпсэтиэххин сөп. Тапталлааххар санааҕын аһаҕастык этэриҥ ордук.

♍ Кыыс Куо.

Докумуоннары уонна үп-ас дьыалатын сааһылыырга үчүгэй күн. Барытын биир кэмҥэ оҥоро сатаама. Кыалларынан, сынньана сатаа.

♎ Ыйааһын.

Дьону кытта сыһыан бастакы миэстэҕэ тахсыа. Саҥа билсиһии уонна ыҥырыы күүтэр. Ол эрээри, харчыны туохха барытыгар ыскайдыыртан туттунуоҥ этэ.

♏ Скорпион.

Сарсын сыалгын-соруккун чуолкайдыырга барсар күн. Наһаа улахан ноҕоруусканы ылыныма, бэйэҥ сөбүлүүр дьарыккар (хоббигар) бириэмэтэ анаа.

♐ Охчут.

Үп-ас боппуруоһун быһаарарга уонна былаанныырга табыгастаах күн. Ис туруккун иһиллэн, бэйэҥ күүскэр итэҕэй. Саҥа кэпсэтии эбэтэр сибээһи чөлүгэр түһэрии табыллыа.

♑ Чубуку.

Күн бастакы аҥпара чуумпутук ааһыа, улахан былааны уонна харчы дьыалатын киэһээҥҥигэ көһөр. Күүскүн уонна кэскилгин сыаналаа.

♒ Күрүлгэн. Былааныҥ уларыйар чинчилээх. Ол эрээри бу уларыйыы туһалаах өттүнэн дьайыа. Сүрүн сыалгын ыйар бэлиэлэри болҕойон көр.

♓ Балыктар.

Тулуурдаах уонна сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Харчы дьыалатыгар эрэллээх, боруобаламмыт ньымалары эрэ туһан. Сулустар эйиэхэ холку буоларга сүбэлииллэр

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп