28.10.2026 | 11:24 | Просмотров: 101

Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар бэрт туһалаах өҥө эбиллибитин бил

Чопчута, пааспары сүтэрдэххэ, уордардахха олус наадалаах өҥө
Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар бэрт туһалаах өҥө эбиллибитин бил
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аныгы кэмҥэ пааспара суох киһи, этэргэ дылы, ырааппат. Ол курдук, тыын суолталаах докумуон. Оттон олоххо араас буолар: пааспары сүтэрии, алҕас буорту гыныы, уордарыы...

Оннук хобдох түгэн таҕыстаҕына тута судаарыстыбаннай өҥө порталыгар киирэн, сайабылыанньа суруйаҕын, онтуҥ автоматическай эрэсиимҥэ ылар буолан, түөкүннэр уоран ылан, пааспаргын туһанар кыахтарын кыччатар.

Маннык өҥөнү туһанар кыахтанар гына туох ирдэнэрий?

- Биллэн турар, “Госуслуга” порталыгар регистрацияламмыт уонна онтуҥ учетнай запиһа булгуччу бигэргэммит буолуохтаах.

- Сүтэрбит, уордарбыт пааспарын толору дааннайдара ирдэнэллэр. Үгүс киһи ону өйүгэр сатаан туппат, онон туһааннаах порталга баар Тус кэбиниэккэр эрдэттэн докумуоннар диэн баска толору киллэрэн кэбиһэр ордук. Оччоҕо эрэйдэммэккин.

-пааспар хайдах быһыыга-майгыга сүппүтүн туһунан сибидиэннэ ИДьМ толуон –уведомлениетыгар ол суруллар.

Сайабылыанньаны хайдах ыытылларый?

Сайабылыанньалаһар төрүөккүн талаҕын, сибидиэнньэлэргин толороҕун, ИДьМ туһааннаах подразделениетын суруйан баран запрос ыытаҕын. Ити сайабылыанньаны пааспарын сүтэрбит, уордарбыт киһи тус бэйэтэ эрэ суруйара көҥүллэнэр.

Ити сайабылыанньаны ыытан баран, төттөрү көрдөөн ылар кыах суох. Бэл, ити суруйбутуҥ кэннэ пааспаргын булан ыллаххына да, сайабылыанньа киирбитин быһыытынан, онтуҥ дьайыыта тута тохтообутунан ааҕыллар. Инньэ гынан, син биир саҥа пааспары ылыаххын наада буолар.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.