Судаарыстыбаннай Дуума састаабын, тутулун билсиэҕиҥ
(Саҕаланыыта)
Итинник этэн туран, кылгастык да буоллар, билсэн ааһыаҕыҥ. Быыбар түмүктэнэн, 9-с ыҥырыылаах мунньахха кимнээх дьокутаат буолаллара биллэн, фракциялар, кэмитиэттэр састааптара таҥыллан, бигэргэнэн турар. Кимнээх биһиги олохпут суолун хайар, дьылҕабытын быһаарсар эбиттэрий? Саха сирэ талбыт дьокутааттара ханнык кэмитиэттэргэ үлэлэһэр буоллулар?
Санатан эттэххэ, РФ Конституциятыгар олоҕуран, дойду парламенын алын палаататыгар 450 дьокутаат талыллан, биэс сыл үлэлииллэр. Итинтэн 225 дьокутаата — биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктан талыллар, биир оччо норуот итэҕэллээҕэ – бэлитиичэскэй баартыйалар федеральнай испииһэктэриттэн талыллаллар.
Фракцияларынан көрдөххө...
Уопсайа биэс фракция (баартыйа) регистрацияламмыт. Муҥутуур элбэх дьокутааттаах баартыйа, биллэрин курдук, норуокка ааттанарынан, былаас баартыйата – “Биир Ньыгыл Арассыыйа” буолар. Ити баартыйаттан 350 дьокутаат киирбит. Фракция салайааччыта Дмитрий Кобылкин диэн.
*Геннадий Зюганов салайааччылаах КПРФ 37 дьокутааттаах.
*ЛДПР дьокутаата итинтэн да аҕыйах, баара эрэ 24 дьокутаат. Салайааччылара Леонид Слуцкай.
*Оттон “Саҥа дьон” дьокутаата – 20. Бу иннинээҕигэ 19-тар этэ. Салайааччылара – Алексей Нечаев.
*“Сиэрдээх Арассыыйа”фракцията эмиэ үөтэлээбэтэх: баара-суоҕа 17 дьокутааттаах. Тумус туттар киһилэрэ Сергей Миронов.
Кэмитиэттэр
Судаарыстыбаннай Дуума кэмитиэттэрин бастакы мунньахтарыгар быһаарбыттара, бэрэссэдээтэллэрин талбыттара. Уопсайа 34 кэмитиэт бигэргэммитэ. ГД регламеныгар уларытыылары киллэрбиттэрэ. Онно чуолаан ааттара уларытыллыбыт кэмитиэттэр тустарынан таарыллар. Дьэ, туран, норуот итэҕэллээхтэрэ “бартыбыалларын” хайдах үллэстибиттэрин сэргиэҕиҥ. Тутаах баартыйаттан ураты баартыйалартан кимнээх кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ буолбуттарый?
1. Конституция, гражданскай сокуоннары оҥоруу, суут тутулун кэмитиэтин “Биир Ньыгыл” бэрэстэбиитэлэ Павел Крашенинников салайыа.
2. Холуобунай уонна административнай сокуоннар кэмитиэттэригэр эмиэ ити баартыйаттан Юрий Петров бэрэссэдээтэллиэ.
3. Үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэти ЛДПР чилиэнэ Элеонора Кавшарга итэҕэйбиттэр.
4. Бүддьүөт, нолуок кэмитиэтин эмиэ “Биир Ньыгылтан” Андрей Макаров салайыа. Манна биһигиттэн Галина Данчикова киирбитэ.
5. Үп ырыынагын кэмитиэтин “Сиэрдээх Арассыыйа” чилиэнэ Анатолий Аксаков үүннүө-тэһиинниэ.
6.Экэниэмикэ кэмитиэтигэр тутаах баартыйа бэрэстэбиитэлэ Максим Топилин бэрэссэдээтэллиэ.
7.Бырамыысылланнаска уонна атыыга-эргиэҥҥэ кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ — Владимир Гутенев (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
8. Конкуренция көмүскэлигэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, “Сиэрдээх Арассыыйаттан”— Валерий Гартунг.
9. Аччыгый уонна орто урбаан кэмитиэтин “Саҥа дьон” баартыйа чилиэнэ Станислав Дружинин салайыа.
10. Бас билии, сир уонна баай-дуол сыһыаннаһыыларын боппуруостарыгар кэмитиэти – КПРФ чилиэнэ Сергей Гаврилов.
11. Энергетика кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ — Николай Шульгинов (“Биир Ньыгыл Арассыыйа” ).
12. Тырааныспар уонна тырааныспар инфраструктуратын кэмитиэтин— Евгений Москвичев (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”). Манна Юрий Григорьев – чилиэн.
13. Оборуона кэмитиэтин — Владимир Касатонов (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
14. Куттал суох буолуутугар уонна хоруупсуйаны утары үлэлэһэр кэмитиэти — Василий Пискарев (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
15. Норуоттар икки ардыларынааҕы дьыалалар кэмитиэттэрин — Петр Толстой (“Биир Ньыгыл Арассыыйа” ).
16. СНГ дьыалаларыгар, Евразиятааҕы интеграцияҕа уонна биир дойдулаахтарбытын кытта сибээс кэмитиэтин — Леонид Калашников (КПРФ).
17. Эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ уонна олохтоох бэйэни салайыныы кэмитиэтин — Ирина Гусева (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
18. Уһун Илини уонна Арктиканы сайыннарыы кэмитиэтин — Николай Харитонов (КПРФ)
19. Хонтуруол кэмитиэтин — Олег Морозов (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
20. Доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэти— Владимир Сысоев (ЛДПР).
21. Наука уонна үрдүк үөрэх кэмитиэтин — Сергей Кабышев (“Сиэрдээх Арассыыйа”).
22. Үөрэҕирии кэмитиэтин— Ирина Белых (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
23. Дьиэ кэргэн көмүскэлигэр, аҕа буолуу боппуруостарыгар уонна ийэ буолуу, оҕо аймах кэмитиэтин — Нина Останина (КПРФ)
24. Аграрнай боппуруостар кэмитиэттэрин— Владимир Кашин. (КПРФ)
25. Экология, айылҕа баайын уонна тулалыыр эйгэ харыстабылын кэмитиэтин — Елена Панова (“Саҥа дьон”).
26. Култуура кэмитиэтин — Ольга Казакова (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
27. Гражданскай уопсастыба, уопсастыбаннай уонна религиознай түмсүүлэр кэмитиэттэрин— Борис Чернышов (ЛДПР).
28. Омуктар дьыалаларыгар кэмитиэти— Владимир Иванов (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
29. Физическай култуура уонна успуорт кэмитиэтин — Олег Матыцин (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
30. Туризм уонна туристическай инфраструктураны сайыннарыы кэмитиэтин — Тимур Каноков (“Саҥа дьон”).
31. Ыччат бэлиитикэтигэр кэмитиэтин — Владислав Головин (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”). Бу кэмитиэккэ Петр Шамаевпыт – чилиэн.
32. Тутууга уонна олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба кэмитиэтин — Сергей Пахомов (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”). Саха сириттэн бу кэмитиэккэ Сардана Авксентьева киирбитэ.
33. Информационнай бэлиитикэҕэ, информационнай технологияларга уонна сибээскэ кэмитиэти — Сергей Боярский (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
34. Цифровой сайдыыга уонна Оҥоһуу өйгө— Александр Сидякин (“Биир Ньыгыл Арассыыйа”).
Көрбүккүт курдук, 34 кэмитиэттэн 5 кэмитиэти – КПРФ, үстүү кэмитиэти – “Сиэрдээх Арассыыйа”, “Саҥа дьон” уонна ЛДПР бэрэстэбиитэллэрэ салайыахтара. Итинтэн атын 20 кэмитиэккэ “Биир Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа дьокутааттара бэрэссэдээтэллииллэр.