22.10.2026 | 11:40 | Просмотров: 112

Судаарыстыба көрөр көмөтүн толору туһанаҕын дуу?

Баҕар, тугу эрэ билбэккэ, туһаммакка сылдьар буолаайаҕын? Маны аах, тускар туһан.
Судаарыстыба көрөр көмөтүн толору туһанаҕын дуу?
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Туох кистэлэй, олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар үйэтигэр биир да социальнай төлөбүрү ылбатах киһи, арааһа, ахсааннаах буолуо. Күн сирин көрүөх инниттэн ийэбит төрүөн иннинээҕи болдьоҕор, хат кэмигэр, оҕо көрөн олороругар судаарыстыба балачча көмөнү оҥороруттан сылыктаатахха, судаарыстыбаттан өйөммөтөх киһи суоҕа да буолуо. Улаатан, оҕолонон, сааһыран истэх аайы ити курдук араас суол көмөлөр киирэн иһэллэр.

Холобур, биэнсийэлээхтэр эрэ буолбакка, биэнсийэ иннинээҕи саастаахтар сир, баай-дуол нолуогун олоччу буолбакка, кэккэ өлүүскэтин  эрэ бырыһыанын төлөһөр бырааптаахтар. Дьахтар Саха сиригэр үлэлээбит ыстааһа – 35 сыл, эр киһи – 40 сыл буоллаҕына, туох да үрдүк наҕарааданы ылбатаҕын да иһин, үлэ бэтэрээнэ буолар, социальнай көмөнү туһанар бырааптаах. Холобур, куорат оптуобустарыгар айанныырга социальнай төлөбүр түһэр буолар. Үлэ бэтэрээнэ буоларгын ким да быһа анаабат, сайабылыанньа суруйуоххун наада.

Ити курдук, үгүс дьон туох чэпчэтиини эбэтэр социальнай төлөбүрү туһанар бырааптаахтарын билбэккэ, көмөнү туһаммакка сылдьаллара баар буолар.

 Ону хантан билиэххэ сөбүй?

Мантан аллара суруллар түөрт суолтан хайатын туттарыҥ эйиэхэ табыгастааҕын көрөн,  туһанар кыахтааххын.

1.ЕГИССО порталыгар социальнай калькулятор баар. Онуоха ити ааттаммыт порталын “поиск” көмөтүнэн булан баран, “Социальный калькулятор” баһы баттаан билиэххэ сөп. Онуоха бастаан ханнык эрэгийиэҥҥэ олороргунан, ону булан баттыыгын уонна олох бэлиэ түгэнин (холобур, оҕоломмуккун) талаҕын эбэтэр ханнык категорияҕа хапсаргын ыйаҕын. Оччотугар систиэмэ бэйэтэ автоматическай эрэсиимҥэ эн туох өйөбүлү туһанар кыахтааххын таһаарар. Өйөбүл ньымалар кэрискэлэрин кэчиригэтиэ.

2. Тутта үөрэммиччэ, Судаарыстыбаннай өҥө порталын туһаныаххын сөп. Чопчута тус кэбиниэккэр киирэҕин. Бу, чуолаан ханнык социальнай төлөбүрү бэлиэр туһана сылдьаргын билэргэ табыгастаах. Ону тэҥэ профильгар киирэн баран, “Документы” баһы баттыыгын, салгыы – “Льготы и выплаты” уонна “Меры социальной поддержки” диэҥҥэ киирэҕин.  Онно эн туһана сылдьар уонна туһанар кыахтаах босуобуйаларыҥ баар буолуохтаахтар. Эмиэ ити сиэрбиһи туһанан, 2018 сылтан бэттэх ханнык баҕарар кэмҥэ ханнык төлөбүрдэр анаммыттарын туһунан официальнай выписканы көрдөөн ылыаххын сөп.

 3. Оттон интэриниэттэн ыраах, онно быһаарсыбат саастаах киһи олорор сирин Социальнай көмһскэлгэ управлениетыгар сурутан, тиийиэн сөп.
Онуоха ханнык төлөбүрдэр, субсидиялар, социальнай өҥөлөр анаммыттарын, ананыахтарын сөбүн билиэхххин баҕараргын этэҕин. Ол консультация диэн буолар. Анал идэлээхтэр чопчу эн тугу туһанар бырааптааххын докумуоннаргын билсэн баран, быһааран, сүбэлээн биэриэх кэриҥнээхтэр.
4. Социальнай пуонда (СФР) саайтыгар киирэн, биэнсийэҥ кээмэйин уонна да атын төлөбүрдэр тустарынан ыспыраапканы сакаастыыр кыахтааххын. Ол саайка тус приемҥа эмиэ суруйтарыахха сөп.  

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.