03.02.2026 | 13:53 | Просмотров: 187

Субсидиялаах уонна халбаҥнаабат сыаналаах билиэттэр атыыга таҕыстылар

«Аэрофлот» авиахампаанньа сааскы-сайыҥҥы ыйдарга Москубаттан Уһук Илин эрэгийиэн куораттарыгар көтөр субсидиялаах уонна «плоскай»  билиэттэри атыыга таһаарарын биллэрбит. Маннык тарыыбынан бу дьыл алтынньы 25 күнүгэр диэри көтүөххэ сөп.
Субсидиялаах уонна халбаҥнаабат сыаналаах билиэттэр атыыга таҕыстылар
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Субсидиялаах маршрут хаҥаан, 25 буолбут.

Москубаттан Дьокуускайга, Благовещенскайга, Анаадырга, Магадаҥҥа, Хабаровскайга, Петропавловскай-Камчатскайга, Хайалаах Алтайга, Южно-Сахалинскайга, Владивостокка, Улан-Удэҕа, Калининградка уонна ити куораттартан Москубалыыр билиэти ылыахха сөп;

Красноярскай – Хабаровскай , Благовещенскай – Красноярскай хайысхаҕа эмиэ баар;

Санкт-Петербурга көтөр уонна онтон төттөрү кэлэр эриэйсэ: Владивостокка, Иркутскайга уонна  Калининградка диэри баар;

Хабаровскайтан уонна Хабаровскайга көтөр хайысхалар: Магадан, Иркутскай, Петропавловск-Камчатскай, Южно-Сахалинск, Красноярскай уонна Новосибирскай куораттартан бааллар.

Уларыйбат («плоскай») сыаналаах билиэттэр

 «Аэрофлот» Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ уларыйбат тарыыптаах (плоскай) билиэти 9 хайысхаҕа атыылыыр: Москубаттан – Дьокуускайга Владивостокка, Хабаровскайга, Южно Сахалинскайга, Петропавловскай-Камчатскайга, Магадаҥҥа, Благовещенскайга, Анаадырга уонна Улан Үдэҕэ уонна ити куораттарга Москубаҕа диэри көтөргө. «Плоскай» тарыып сыаната биир өттүгэр көтүүгэ – 21 тыһ. солк. Оттон кэлэр-барар билиэти тута ылар түгэҥҥэ – 35 тыһ. солк.

«Плоскай» диэн хаһан атыылаһаргыттан, наадыйыы төһө улаханыттан, дьыл ханнык кэмэ буоларыттан тутулуга суох биир кэм, бигэргэммит, уларыйбат сыаналаах экономтарыып кылаастаах билиэт ааттанар. Биир багаж миэстэтэ көрүллэр. Ким баҕарар сааһыттан, ханнык эрэгийиэҥҥэ олороруттан тутулуга суох ылар кыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.