Субсидиялаах көтүү бырагыраамата салгыы үлэлиир
Эрэгийиэн иһинээҕи сөмөлүөттэр көтүүлэригэр көрсүллэр ноҕоруусканы кыччатар гына субсидиялаах көтүүлэри тэрийии тыын суолталааҕын, чуолаан Арктика уонна хоту чиэски сытар улуустарга олус наадатын олохтоох былаас дойду бырабыыталыстыбатыгар тиһиктээхтик туруорсарын Ил Дархан этэр.
«Күн бүгүг эрэгийиэн иһигэр көтүү үбүлээһинэ чопчу олохтоох хааһына эрэ суотугар оҥоһуллар. Ити сыалга 250 мөл. солк. тыырыллыбыта. Ити үп улуустарга көтөр социальнай суолталаах таһаҕаһы таһыыга уонна оройуон кииннэриттэн Дьокуускай куоракка диэри көтөн кэлэн эриэйистэргэ туттуллар », – диир кини.
Ити кыһалҕалаах боппуруос дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин мунньаҕар эмиэ көрүллэн турар. Онно бэрэсидьиэн сөптөөх быһаарыы ылылларын курдук сорудах биэрбит. Билигин ити боппуруоһу көрө сылдьаллар.
Айсен Николаев өйөбүл мэхэньиисимнэрин оҥорууга чиэски сытар субъектар уратыларын учуоттуур наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Субъектар уратыларын учуоттуур наада — эрэгийиэннэр араастаһаллар. Аҕыйах сүүс км көтөрүҥ дуу, холобур, Арктикаҕа курдук тыһыынчанан км айанныырыҥ дуу – улаханнык уратылаһар. Федеральнай былаас көмөтө суох ити уустуктан тахсар эрэгийиэннэргэ олус уустук», – диир.
Онон федеральнай таһымҥа быһаарыы ылыллыар диэри олохтоох бүддьүөт үбүнэн кыһалҕаны быһаарыахтарын эттэ. Бырабыыталыстыбаҕа сыл саҕаланыаҕыттан, ол иһигэр улуустар икки ардыларынааҕа көтүүлэргэ, социальнай суолталаах эрийэистэргэ уонна улуустар икки ардыларыгар таһаҕаһы тиэйиигэ ирдэнэр үбүлээһин кээмэйин Саха сирин бүддьүөтүгэр былаанныыга соруйда.
Бу туһунан АГи П пресс-сулууспата суруйар.