16.10.2026 | 19:00 | Просмотров: 115

Строительнай уокурукка үс мэндиэмэннээх Оҕо искусствотын оскуолата баар буолуоҕа

Саҥа эбийиэк Петр Алексеев уулуссатыгар тутуллуоҕа.
Строительнай уокурукка үс мэндиэмэннээх Оҕо искусствотын оскуолата баар буолуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовников куорат дьокутааттарын кытта бу түөлбэҕэ Оҕо искусствотын саҥа дьиэтин тутууну дьүүллэстилэр. Онно уокурук олохтоохторугар аналлаах бибилэтиэкэни арыйар кыаҕы көрдүлэр.

Маннык дьаһаннахха, дьиэ иэнэ толору туһаҕа тахсыан уонна оҕолорго, ыччакка уонна улахан дьоҥҥо аналлаах элбэх хайысхалаах эйгэ тэриллиэн сөп.

Бырайыак докумуоннарыгар олоҕуран, Оҕо искусствотын оскуолатын үс мэндиэмэннээх дьиэтэ Петр Алексеев уулуссатыгар тутуллуоҕа. Дьиэ уопсай иэнэ 1 736 кв. миэтэрэ буолуоҕа.

Бырайыак-смета докумуоннарын оҥорууга куонкуруһу «Стандартпроект» ХЭТ кыайбыт. Хантараагы атырдьах ыйыгар түһэрсибиттэр, сыаната – 9,5 мөлүйүөн солкуобай, болдьоҕо – 2027 сыл ыам ыйын 30 күнүгэр диэри.

Санатар буоллахха, Дьокуускайга маастар-былаан чэрчитинэн 2032 сылга диэри алта саҥа култуура эбийиэгэ тутуллуохтаах:

- Хатаска, Октябрьскай, Строительнай уонна Сайсары уокуруктарыгар Оҕо искусствотын оскуолалара;

- Пригороднай сэл. уонна Кангалаас дьоҕус түөлбэтигэр култуура-сынньалаҥ тэрилтэлэрин дьиэлэрэ.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.