Сонун быыстапкаҕа ыҥыраллар
Экспозиция үс бэлиэ даатаҕа ананар: киин куоракка бастакы массыына кэлбитэ 100 сылыгар, оптуобус сырыыта саҕаламмыта 90 сылыгар уонна бастакы идэтийбит суоппар Петр Машицкай төрөөбүтэ 120 сылыгар.
Быыстапка коллекционер Ярослав Арбугин хомуйбут матырыйаалларыгар олоҕуран турда. Итиэннэ ирбэт тоҥ үрдүгэр төрүттэммит куоракка тырааныспар сайдыытын көрдөрөр.
Дьокуускайга бастакы тимир көлөнү 1926 сыллаахха баржанан тиэйэн аҕалбыттар. Pipe («Пипъ») мааркалаах Бельгия массыыната эбит. Бас билээччитэ – Иркутскайтан Дьокуускайдааҕы фармацевтическай салааҕа сэбиэдиссэйинэн ананан кэлбит Николай Иванович Петров.
Быыстапка биир баһа Дьокуускай бастакы идэтийбит суоппарыгар анаммыт. Быйыл Петр Машицкай төрөөбүтэ 120 сыла. Кини 1925 сыллаахха суоппардар бастакы куурустарын тэрийбит.
Экспозицияны киин куоракка оптуобус сырыыта саҕаламмыта 90 сылыгар аналлаах хаартыскалар, докумуоннар ситэрэллэр.
Киириитэ босхо.