Сокуону кэһэн арыгы атыылаабыттар
Саха сиригэр бэрээдэги араҥаччылааччылар арыгылаах утаҕы сокуону кэһэн эргинээччилэри уодтуганныыр үлэни тиһиги быспакка ыыталлар. Ол курдук, ааспыт суукка иһин оннук 4 түбэлтэ бэлиэтэннэ. «Стоп-алкоголь» оперативнай- профилактическай тэрээһин чэрчитинэн, Дьокуускай куорат саастарын туола илик оҕолор дыалаларыгар кэмитиэт иниспиэктэрдэрэ Лермонтов аатынан уулуссаҕа турар маҕаһыыҥҥа эрдэҕэс оҕолорго арыгы атыылаабыттарын тутта.
Ас атыылыыр киин куорат уонҥа Ленскэй маҕаһыыннарын үлэһиттэрэ Арыгы атыыта бобуллар, тохтуур кэмигэр, ол эбэтэр киэһэ 20 ч кэннэ атыылыылларын быһаарбыттар.
Ону таһынан Дьокуускай куоракка, Покровскайдыыр аартыкка турар баарга, таараны аспакка эрэ, ол аата, маҕаһыын курдук, арыгы атыылыыллара биллибит. Табаар былдьаммыт.
Буруйдаахтарга административнай боротокуолу толорбуттар.