Социальнай төлөбүр анаппыт уонна дойдутугар күрээбит
СӨ Федеральнай куттал суох буолуутун сулууспатыгар (ФСБ) ыыппыт оперативнай дьаһалларын түмүгүнэн, «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагынан көрүллэр социальнай көмөнү ылар инниттэн, Орто Азия биир дойдутуттан сылдьар дьахтар улахан суумалаах харчыны уорбутун туһунан иһитиннэрии киирбит. Эрэгийиэннээҕи ФСБ биэрбит матырыйаалларыгар олоҕуран, буруйдаахха «Мошенничество при получении выплат» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит.
Суут уонна силиэстийэ олохтообутунан, омук дьахтара Арассыыйа гражданствотын судургутуллубут бэрээдэгинэн ылбыт уонна оҕотун төрөтөр сыалтан манна кэлбит, тоҕо диэтэххэ Саха сирэ улахан социальнай чэпчэтиилэри биэрэр. Ол гынан баран дьахтар биһиги тыйыс дойдубутугар олорор, үлэлиир былаана суох эбит. Оҕото төрөөбүтүн кэннэ, үлэтэ суох буолан, ыйдааҕы төлөбүргэ сайабылыанньа биэрбит уонна дойдутугар төннүбүт.
Дьахтары быраабы араҥаччылыыр уорганнар Арассыыйа Федерациятыгар киирэн истэҕинэ туппуттар. Силиэстийэ кэмигэр буруйданааччы буруйун толору билиммит.
СӨ Дьокуускай куораттааҕы суутун быһаарыытынан, 1986 с.т. дьахтар ХК 159.2 ыст. 3 ч. буруйдааҕа билиннэ уонна 1 сыл 6 ый көҥүлэ болдьоххо быһылынна. Ону таһынан, 700 тыһыынчаттан тахса солкуобай суумалаах хоромньуну төлүүргэ уураахтанна.