Социальнай эбэһээтилистибэни толоруу көрдөрүүтэ
Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара бу 2026 сыл 9 ыйыгар социальнай бырагыраамалар төһө- хачча туолбуттарын ырытан көрдүлэр. «Доруобай эйгэ» уонна «Чэгиэн куорат» хос- бырагыраамалар тэрээһиннэригэр 10,56 мөл. солк. көрүллүбүт. Итинтэн алтынньы1 күнүнээҕи туругунан, 4,68 мөл. солк. туттуллубут. О.э. эбэтэр, ити — сыллааҕы былаан 46 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.
Бырагыраама чэрчитинэн ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр, чөл олоҕу тутуһары көҕүлээһин уонна куорат тэрээһиннэрин мэдиссиинэ өттүнэн хааччыйар үлэ ыытыллар.
«Чэгиэн куорат» доруобуйа бэстибээлигэр 495 тыһ. солк. анаммыт, онно көрүллүбүт үп толору туһаҕа тахсыбыт.
Сорох дьаһаллар, ол иһинэн сыстыганнаах ыарыылары эрдэттэн сэрэтии уонна оҕолору, эрдэҕэс оҕолорго иммунопрофилактиканы ыытыы төлөбүрэ IV кыбартаалга төлөнүөҕэ.
«Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин социальнай өйөбүлэ уонна дьон үлэнэн хааччылларыгар көмө» диэн муниципальнай бырагыраамаҕа 52,32 мөл. солk. көрүллүбүт. Алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, 41,22 мөл. солк., ол эбэтэр сыллааҕы былаан 78,77% туһаныллыбыт. Хаалбыт 11,11 мөл. солк. IV кыбартаалга үбү туһаныы былааныгар олоҕуран, туттуллуо.
Бу бырагыраама бэтэрээннэри, инбэлиит дьону өйөөһүнү, дьону үлэнэн хааччыйыыга көмөнү, ону тэҥэ уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ субсидияны уонна олохторо ыарахан усулуобуйалаах, сокуоннай саастарын туола илик оҕолору быстах кэмнээх үлэнэн хааччыйыыны хабар.
Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга 2026 сыллаахха федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн уопсайа 117,04 мөл. солк. көрүллүбүт. Алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, итинтэн 62,7 мөл. солк. үп туттуллубут. Ол эбэтэр, тоҕус ыйдааҕы былаан 78,7% буолбут.
Бу кэм устата бу сыл 14 киһини дьиэлиир былаантан 13 киһи дьиэнэн хааччыллыбыт. Итинтэн түөрт дьиэтэ — «вторичка». Ону таһынан, өссө тоҕус гражданиҥҥа олорор дьиэ сэртипикээтэ бэриллибит.
Атыылаһыллыбыт дьиэлэр уопсай иэннэрэ 444,6 кв. м буолла. Бу — сыллааҕы былаантан 96,2 % ылар.
Балаҕан ыйыгар бу бырагыраамаҕа судаарыстыбаннай уонна федеральнай бүддьүөттэртэн эбии 37,34 мөл. солк. дотация ананна.
Инньэ гынан, өссө түөрт дьиэни атыылаһар уонна үс олорор дьиэ сэртипикээтин биэрэр кыаҕы биэрдэ. IV кыбартаалга дьиэ атыылаһар түөрт контракка — 21,06 мөл. солк. уонна 4 сэртипикээккэ — 21,93 мөл. солк. төлүүр былааннаахтар.