12.10.2026 | 08:07 | Просмотров: 69

Снайпинг турнира түмүктэннэ

Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан IV Норуоттар икки ардыларынааҕы сыалы чопчу ытыы турнира түмүктэннэ.
Снайпинг турнира түмүктэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Якутия 24
Бөлөххө киир

Турнирга быйыл бастакытын оҕолор күрэхтэстилэр.

3 км ыраахтан сыалы табан, турнир рекордун туруордулар.

Бастакы турнирга 75 кыттааччы кэлбит эбит буоллаҕына, быйыл кыттааччы ахсаана 200-тэн таҕыста.

Бастакы турнирга 2000 м сыалы таба ытан бастыҥ түмүгү көрдөрбүт эбит буоллахтарына, быйыл бырааттыы Яковлевтар 3000 м ыраах сыалларын холкутук таптылар. Саамай үөрүүлээҕэ диэн, рекорд кирбиитин саха уолаттара ыллылар.

“Күнүскү” ытыыга кыайыылаахтарынан Саха сириттэн снайпер Василий Яковлев, корректировщик Сергей Яковлев буоллулар, дистанциялара - 3000 м. Иккис миэстэ – РФ Оборона министиэристибэтин хамаандата: снайпер «Дантес», корректировщик «Вэелес», дистанциялара - 2700 м. Үһүс миэстэ – Харабыл федеральнай сулууспата: снайпер «Риддик», корректировщик «Физрук», дистанциялара - 2700 м.

“Түүҥҥү” ытыыга. Кыайыылаахтар – ФСБ хамаандата: снайпер «Рязань», корректировщик «Прыткий», дистанциялара - 2300 м. Иккис миэстэ –  снайпер Максим Гуменюк, корректировщик Максим Резников, дистанциялара - 2300 м. Үһүс миэстэ – «Маэстро», корректировщик «Пересвет», дистанциялара - 2200 м.

Рекорд олохтобут Яковлевтарга анал бириис – 250 граммнаах кыһыл көмүс туттардылар. Иккис номинацияны тас дойдуттан кыттааччылар – Беларусь өрөспүүбүлүкэтин хамаандатын бэрэстэбиитэллэригэр: «Клим», «Зубр», «Белый», «Серб» ыллылар – кинилэргэ 375 CheyTac калибрдаах «Аркуда» снайпер сэбилэниитин ыларга сертификат биэрдилэр. Анал байыаннай дьайыы зонатыттан кэлэн кыттыбыт бастыҥ ытааччы аатын “Кипиш” позывнойдаах байыас ылла – тепловизордаан сыалы булар С7 комплексынан наҕараадаланна.

Оҕолор күрэхтэһиилэрэ күнүс эрэ ыытылынна. Бастакы миэстэ – Магадан уобалаһын хамаандата: Юлия Терезюк, Николай Грищенко, Софья Гороховская. Иккис миэстэ – Амур уобалаһын хамаандата: Варвара Брылева, Роман Штегман, Михаил Казаков. Үһүс миэстэ – Бурятия хамаандата: Артем Ронис, Ксения Воронецкая, Любовь Февралева.

Кыайыылаахтарна уонна призердарга сыаналаах бириистэри, ол иһигэр EDgun «Леший 2» бинтиэпкэни бэлэхтээтилэр. “Бастыҥ ытыы” иһин анал бирииһи 200 м сыалларын таппыт Амур уобалаһын снайпера Варвара Рылева уонна корректировщик Роману Штегман ыллылар.

Турнирга уопсайа 214 киһи, ол иһигэр 187 ытааччы, 27 судьуйа кытынна. Саха сириттэн, Москваттан, Санкт-Петербургтан, Бурятияттан, Челябинскай, Белгородскай, Курскай уобаластартан, Забайкальскай кыраайтан, Беларусь өрөспүүбүлүкэтиттэн кэллилэр. Оҕолор турнирдарыгар 30 киһи кытынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп