Сириллибит кийиит эбэтэр...

Хайа баҕарар ыалга кийиит кыыс киирэн кэлэрэ олус кэтэһиилээх, долгутуулаах. Хайа ийэ, аҕа оҕотугар дьолу баҕарбат, кини холоонноох доҕоро бэйэтигэр ханыылыы, уолларын кытта уһуннук, эйэ-дэмнээхтик олоруон ыралаабат буолуой.
Оттон... диирбигэр тиийэбит. Сорох ыал кийииттэрин сөбүлээбэт, туоратар эбэтэр кийиит кыыс бэйэтэ түһэн биэрэр, хотунугар сирдэрэр, хаһаайыстыбаннайа суох буолуон эмиэ сөп. Оттон сорох ыал кийииттэрин хурустаал таас курдук көрөллөр, туталлар, сол курдук оҕолоруттан итэҕэс санаабакка, биир ыал курдук олороллор.
Онон, бүгүҥҥү тиэмэбит – кийиит уонна хотун сыһыаннара.
Матырыас Хотун:
– Дьэ, аныгы үйэ дьиибэ үйэ, олох оҥкуйбар-маҥкыйбар киирбэт үйэ. Биир уолум саахсалаах олорор, биир уолум саахсалана илик. Тэҥнээн көрөбүн олохторун, кийииттэри. Саахсалаах кийиит оруннаах, боччумнаах, ол кийиити сөбүлүүбүн, үс сиэннээхпин. Саахсата суох кийиит, күрүөтэ суох (ынах диэххэ) курдук. Кыра уолбун кытта этиһэр, охсуһар, быдьардаһар. Биллэн турар, оҕо суох онно. Дьэ, таҥара көрөн оҕо биэрэр дииллэрэ чахчы ээ... Ол «кэйиэлэнэ» сылдьар чүөчэҕэ оҕо кута хайдах кэлиэй, иччэлээҕи айыылар көрө-билэ сырыттахтара эбээт. Уонна оттон дьоҕойон улахан кийиит уонна кыра кийиит диибин ээ. Сиэри тутуһан. Дьэ, саахсата суохтара олоххо олох билэр эбит. Кыра уолум чүөчэтин киһилии билиһиннэрбэтэ, ол да буоллар күүспүнэн баран билсэн кэллим, биир-икки эрэ тылынан саҥарар хотууска, туох да оруннаах кэпсэтии тахсыбата. Ол курдук бүттүбүт. Онон, чэ, бээ орооспоппун, бэйэлэрэ нэмнэрин билсэн баран хайдах буолаллар, ыраахтан кэтиэм дии санаатым. Хантан, кыра уолум сымнаҕас этэ да, кытаатан, иһэрэ-аһыыра элбээтэ, үлэлээри гыннаҕына, күнүүлээн үлэлэппэт үһү, оҕо суох, уол санаата оонньуур. Сотору-сотору иһирдьэ-таһырдьа бырахсаллара эрэ иһиллэр, дьэ, бу чүөчэ уолбун дьаабылыыр буолла, араҕыс диибин. Аҕыйах хонон чүөчэ ыҥыран ылар. Дьэ, хайдах итинник чүөчэни кийиит оҥостуоххунуй?
Айа, орооспоппун... Таптаа да таптаама, итинник кийиит майгыта-сигилитэ көммөт. Уол бэйэтэ тэйиэн наада.
Сөп, аны улахан кийииппэр кэллэхпинэ. Хара маҥнайгыттан орооспоппун, дьиэтигэр-уотугар барытын бэйэтэ бас билэр, сөбүлүүрүнэн тутар-хабар, мин ыалдьыт эрэ буолабын, кийиит сүбэҕэ наадыйарын биллэрдэҕинэ, дьэ, чэй иһэ-иһэ чааһы быһа «сэкириэттэһэбит». Бу кийиитим асчыт, оҕуруотчут, тэҥҥэ хотоннорун, оҕолорун көрөллөр. Бары бииргэ сынньалаҥ эмиэ тэринэллэр. Саахсалаах ыал буоллахтара, билигин күрүө-хаһаа, дьиэ-уот дэлэй, этэҥҥэ эрэ буоллуннар.
Уопсайынан, манныгы сүбэлиибин. Кийииттэргитин дьүөгэ оҥостуҥ, ол сылдьан киитэрэй сүбэлэри биэриҥ, уолгут оччоҕо көрүүлээх, сылаас сыһыаннаах буолар. Оттон мөкү кийиит буоллаҕына эмиэ кэпсэтиҥ – аргыый, ылбат да, биэрбэт да кийиит буоллаҕына – орооһумаҥ, уолгут бэйэтэ быһаарыаҕа.
Үтүө хотун диэн муударай буолуохтаах, кийиит сотору эмиэ хотун буолуо дии уолугар, онон эһигиттэн үөрэнэр. Туох да мээнэ буолбат, барыта ситимнээх. Ол эрээри ханнык да түгэҥҥэ, кийиити абааһы көрүмэҥ, ити саха сиэригэр баппат сыыһа. Бэйэбитигэр тэҥнээх, тэҥэ суох кийиит диэн суох ээ, ыал тапталтан үөскүүр буоллаҕа. Кийиит сатаабат, билбэт да буоллаҕына үөрэтэн, сүбэлээн биэриҥ. Ол иһин Хотун буоллахпыт. Дьоллоох буолуҥ!
Туйаара, куорат олохтооҕо:
– Мин ийэлээх аҕам соҕотох мааны кийииттээхтэр. Биһиги, кыргыттар, өссө оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, биир баар-суох соҕотох убайбыт номнуо ыал буолан, олус үчүгэйкээн кыыһы кийииттэтэ аҕалбыта. Кийиит кыыс, кэллэ-кэлээт, төрөппүттэрбитин «ийээ-аҕаа» диэбитинэн бэрт түргэнник сыстан барбыта. Туох да үлэттэн толлон турбат, кыыһыра-тымта сылдьыбат, элэккэй, үөрүнньэҥ, бэһиэлэй, барыга-бары көхтөөх, киһи киэн тутта, астына көрөр кыыһа этэ. Биһигини бэйэтин балтыларын курдук көрөр-истэр, кыһаллар, улаатан эрэр кыргыттар таҥаспытын-саппытын саҥаспыт дьаһайар этэ. Оҕолонон баран биһигини кытары олорбуттара, убайбыт үөрэҕин бүтэрэ диэн куораттаабыта. Бэркэ да тапсан олорбуппут. Кыргыттар саҥаспытын кытары дьэ сэкириэттэһэн ахан биэрэр этибит. Күн-дьыл ааһан, билигин убайым аах дьиэ-уот мааныта, үс оҕолоохтор, икки сиэннээхтэр. Быр-бааччы дьаһанан олороллор. Саҥаспыт барыбытын түмэ-тардар, олохпутугар уустуктары көрүстэхпитинэ, биир бастакынан сүбэлэтэр киһибит кини.
Ийэбит мас-таас курдук эппитин билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүбүн: «Саҥаскытыгар улахан эдьиийгит курдук ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан, олоххут тухары тылын истэр буолуҥ. Соҕотох убайгыт баар-суох тапталлаах кэргэнэ», – диэн. Кырдьык, киһи холобур оҥостор үчүгэй саҥастаахпын диэн киэн тутта кэпсэнэбин. Онон, дьоммут кийииттэригэр табыллан бэркэ диэн үөрэллэр.
Оттон бэйэм ыал буолбуппар, кэргэним дьоно эмиэ олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Ким да туора көрбөтөҕө, олохпутугар орооспотоҕо. Хотунум холку, сытыары-сымнаҕас майгылаах, миигин маанылаан көрөр-истэр, кыһаллар-мүһэллэр. Сааһыран, ыарытыйар буолан билигин биһигини кытары олороллор. Биирдэ да киҥир-хаҥыр саҥарбыттара суох. Этэҥҥэ өйдөһөн-өйөһөн биир дьиэ кэргэн буолан олоробут.
Олоххо барыта эриэ-дэхси буолбат дии. Мин кийиит уонна хотун сыһыаннаһыыларыгар араас түгэннэри билэбин. Биир дьүөгэм хотунун куһаҕан сыһыаныттан эрэй бөҕөнү көрөөхтөөбүтэ. Этэргэ дылы, сириллибит кийиит этэ. Хара маҥнайгыттан, аан боруогун атыллыаҕыттан, кини куһаҕана хостонон барбыт. Хотуна туох айылаах сирбитэ буолуой диэххит. Бастатан туран, хоту дойдуттан сылдьар тоҥус кыыһа үһү. Аны туран, соҕотох ийэлээх эрэ, аҕалара арыгылаан тоҥон өлбүтэ быданнаабыт. Дьэ, доҕоор, хотуна барытын эрдэттэн сибикилээн, ыйыталаһан, истэн-билэн ахан олорор эбит. Аны бэйэтин аннынан оскуолаҕа үөрэнэр балтылардаах. Ол эбэтэр, кини уолугар иитимньитэ элбиир диэн кыйахаммыт. Ийэтэ боростуой үлэһит, туох да халыҥ, киһи киһиргиир аймаҕа суох. «Биһиэнэ буолан баран барыта ночооттоох өттө, сыбаайбаҕа сатаан кыттыспаттар, сүгүн олороллоро да биллибэт. Аата, кыыс баранан, хантан эрэ тоҥуһу булан аҕалбыт ээ. Урууну тэрийимиэххэ, көннөрү олорон көрдүннэр, баҕар, хата, арахсан хаалыахтара», – диэн ийэлэрэ атыыр аккаас буолбут. Була сатыы-сатыы иҥнэр, хотун хаанын киллэрэн, талбытынан дьаһайар, саҥарар, уолун соруйан утары туруорар, кыыһы туоратар эбит. Оннук сордоно, тулуйа олорон, кыыспыт хат буолбут этэ. Ол эрээри, доруобуйата кыайбакка, оҕотун куоттаран кэбиһэр. Онуоха били хотуммут өйдүө баара дуо, кийиитин дэлби саҥарбыт. Дьүөгэбит тулуйа сатаан баран биһигиттэн көмө көрдөөбүтэ. Төттөрү көһөн барарбар көмөлөһүҥ эрэ диэн. Ити кэннэ өргө диэри кэргэн тахсар туһунан истиэн да баҕарбат буолбута. Дууһатын аймаабыттарын кэннэ куттанар этэ. Хата билигин бэрт боростуой санаалаах, бүгүрү үлэһит киһилиин билсиһэн бииргэ олороллор. Саҥа хотуна саастаах, олоҕу билбит киһи, уолум этэҥҥэ эрэ олордун диэн орооспот үһү.
Аны биир аймах кыыһым эмиэ хотунугар табыллыбатаҕа. Киниттэн сылтаан биир оҕолоох сылдьан арахсарга күһэллибитэ. Хотуна кыралаан «амсайар» эбит этэ. Иһэн баран тыла-өһө абытайын, быдьарын эт кулгаахпынан истэн турардаахпын. Уолун кийиитигэр күнүүлээн эрэйдэнэн да биэрбитэ. Сиэнигэр олох сыстыбат этэ. Биһиги хааммыт көстүбэт, анараа аймахтар курдук дьүһүннээх диэн соччото суохтук сыһыаннаһара. Аны, итирдэҕин аайы, кийиитин үөҕэр кэмэлдьилээх эбит. Аҕалара атын дьахтарга иирэн барбытын тулуйбакка, аһыы утахха ылларбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт, быраҕыллыбыт кэргэн кыһыытын-абатын, арааһа, кийиитигэр таһаарар быһыылаах. Уола ийэтин аһынан мээнэ утары саҥарбат, кэргэнин көмүскэспэт үһү. Дьахталлар бэйэҕит быһаарсыҥ диэн куотунан хаалар. Тулуйа сатаан баран биир үтүө күн кыыс турбут да, бэйэҕит олоруҥ диэн хомунан тахсан барбыт. Онон, кийиит уонна хотун сыһыана түмүктэннэҕэ.
Кэпсээтэххэ холобур элбэх. Хас биирдии киһи майгыта, олоҕу көрүүтэ атын-атын. Бэйэбит да, оҕолорбут даҕаны хайа эрэ ыалга кийиит, күтүөт буолан киирэбит. Ону таһынан, оҕолонон-урууланан, тэнийэн олордохпутуна, аны бэйэбитигэр кийииттэр, күтүөттэр кэлиэхтэрэ. Оҕолорбут талан ылбыт сүрэхтэрин аҥаарыгар киһилии сыһыаннаһыахха. Туора туппакка, олохторугар мэһэйдэспэккэ.
Бу икки санааны истэн ааҕааччылар туох дии саныыгыт? «Ыал – ийэтинэн» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх буолуохтаах. Кыыс оҕо төрөөт да олоҕун суола ыйыллан турар эбээт. Кини бастаан кэргэн, ийэ, эбээ, хотун буолар. Онон кини олох туллар тутааҕа буоларын мындыр өйүнэн биллэриэхтээх.
Кийиит кыыһы бэйэҥ оҕоҥ курдук ылыныы, дьиэ кэргэҥҥэ киллэрии эн холумтаҥҥын атыллыаҕыттан саҕаланар. Аны ыал холумтана диэн баар. Төрүттэргэр үтүө күтүөттэр, кийииттэр баар буоллахтарына, ол салҕанан бара турар эбит. Ону мин бэйэбинэн билэбин. Биһиги аймахха, дьиэ кэргэҥҥэ үтүө, мааны кийииттэр, сүрдээх үчүгэй күтүөттэр түбэһэллэр. Ону ийэбит урут-уруккуттан «холумтаммыт үчүгэй» диэн кистии-саба этэрэ.
Хотун уонна кийиит сыһыана былыр-былыргыттан хаһан да бүппэт кэпсэтии. Онон бу тиэмэҕэ ким баҕарар булан этэрдээх буолар. Үчүгэйи эбэтэр мөкүнү.
Барыта үтүө буоларын туһугар бары биир сүбэнэн олоруохха, оҕолорбутугар орооһумуохха, кэмигэр сүбэлиэххэ, сиэннэри ылан көрсүөххэ, бэлиэ күннэргэ түмсүөххэ. Мин санаам итинник. Оттон эһиги?
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



