Сибиэһэй балык, тоҥ балык амсайдыҥ дуу?
Көмүс хатырыктаах, сыа быыстаах Саха сирин тоҥнуу, буһаран, ыһаарылаан сиэниллэр балыга остуолу хотойорунан ууруллар бэлиэ кэмэ үүннэ. Маннык быыстапка быйыл хайыы үйэ 16-с төгүлүн ыытыллыыта.
Быйылгы дьаарбаҥкаҕа тыа хаһаайыстыбатын 8 кэпэрэтиибэ уонна общината бултаабыт, астаабыт балыга атыыланар. Ону тэҥэ Булуҥ, Усуйаана, Аллайыаха, Аллараа Халыма уонна Кэбээйи балыгынан дьарыктанар урбааньыттара кэлбиттэр.
Ону тэҥэ таарыйа эт, үүт астары ылан бардыннар диэн, ити көрүҥ астар эмиэ баар буолуохтара. Балыгы ыйааһынынан, пластиналарынан, куулунан да атыылаһыахха сөп. Бултаммытынан дөйө тоҕоруллубут, ис сүрэхтэн кыһанан-мүһэнэн ыыһаммыт, хатарыллыбыт, ону тэҥэ тууһаммыт балык эгэлгэтэ баар дииллэр.
Атыы-тутуу бүгүн сарсыарда 10 ч саҕаламмыт. Официальнай арыллыыта күнүс 12 чаастан буолбут. Балыктан маттыбыт диэн долгуйумаҥ, атыы сарсын-өйүүн да оройуттан тутуллуо. Сарсыарда 10 чаастан киэһэ 17 чааска диэри кэлэн, сөбүлүүр балыккытын атыылаһан, үөрэн-көтөн барар толору кыахтааххыт.