08.04.2026 | 15:30 | Просмотров: 133

Сибээс уонна интэриниэт тарыыба үрдүүр

“ДомИнтернет” сервис тэрийээччитэ Сергей Скворцов этэринэн, 2026 сылга оператордар сибээс уонна дьиэтээҕи интэриниэт сыанатын өссө 15-20% үрдэтиэхтэрин сөп.
Сибээс уонна интэриниэт тарыыба үрдүүр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Кини маны тиэхиньикэ ороскуота үрдээһинин, ситим саҥардылларын, НДС үрдээһинин уонна балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланыахтаах алтан ситимнэри оптоволокноҕа солбуйууну кытта ситимниир.

Дьиҥэр, 2025 сылга тарыып номнуо үрдээн турар. 100 Мбит/с түргэннээх саамай чэпчэки тарыыптары ырытан баран, Скворцов дойду үрдүнэн ортотунан 24% үрдээһини бэлиэтээтэ. Мобильнай төлөпүөн өҥөтө эмиэ сыаната үрдээтэ. Эксперт өҥөнү хааччыйыы хампаанньаларга сибээс үлэтин тутан туруу ыарахан буолан иһэрин, атыылаһааччыларга эбии ороскуоту соҥнуу сатыылларын тоһоҕолоото. Сыана чэпчээһинин сибикитэ билиҥҥитэ суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп