Щорс күөлүн кустарын дьылҕалара
“Эхо столицы” таһаарыы Щорс күөлүгэр баар кустар дьылҕалара хайдах быһаарыллан эрэрин суруйар.
“Байанай” булчут ыттары иитэр дьон кулуубун салайааччыта Юрий Борисов хас да сыл Щорс күөлүгэр кубалары туппута. Кини бу күөлгэ кустар хайдах баар буолбуттарын быһаарар:
“Сааскы кус сезонун кэнниттэн билэр булчуттарым эрийэн күөлгэ 2-3 мончуук куһу ыыппыттарын, ханна да гынар кыахтара суоҕун туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Күһүн көтөрдөргүтүн дьаһайыаххытын наада буолуо диэн сэрэппитим, ол эрэн кыһамматылар...”, – диэтэ Юрий Борисов.
Онтон бу мончуук кустарга кэлин дьиикэй кустар холбоспуттар. Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр Борисов 12 кус баарын аахпыт. “Маннык балаһыаньа буоларын сэрэйэн, кустары тутан ылаары хааччах оҥорон уурбуппун кимнээх эрэ ууга тимирдибиттэр этэ. Билигин ити кустары тутан ылар уустук буолуо, исписэлиистэр дьарыктаналлара ордук этэ”, – диир Юрий Борисов.
Киин уокурук управатыгар иһитиннэрбиттэринэн, Экология министиэристибэтиттэн көтөрдөрү “Орто дойду” зоопаркаҕа тиксэрэргэ көрдөспүттэр. Боппуруос бу күннэргэ быһаарыллыахтаах. Маны таһынан волонтердар ылыах буолбуттар, ол эрэн кустары зоопаркаҕа олохтуур ордук буолуо этэ дииллэр уокурук управатыгар.
Бэлиэтээн эттэххэ, мончуук оҥостор кустарыгар булчуттар кынаттарын сарбыйаллар, ол иһин бу кустар көтөр кыахтара суох буолар.




