27.10.2026 | 10:30 | Просмотров: 60

«Севернэй» түөлбэҕэ оптуобус хаһааҥҥыттан сылдьыай?

Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовников «Саха» ГТРК быһа эпиирин кэмигэр олохтоохтору долгутар ыйытыыга хоруйдаата.
«Севернэй» түөлбэҕэ оптуобус хаһааҥҥыттан сылдьыай?
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: скриншот
Бөлөххө киир

Бу түөлбэҕэ суол-иис оҥоһуллубут, сырдатыы үлэтэ ыытыллыбыт, нэһилиэнньэтэ элбиир. Онон дьон уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта хаһан саҕаланарын кэтэһэр.

Дмитрий Дмитриевич иһитиннэрбитинэн, олохтоохтор туруорсуулара үлэҕэ ылыллыбыт. Ол эрээри боппуруоһу быһаарар уустук соҕус – түөлбэттэн саамай чугас тохтобул 2 килэмиэтирдээх сиргэ турар, онон билигин быһа сылдьар магистральнай маршруту олохтуур кыаллыбат – бэйэтин толуйуо суоҕа. Ол иһин олохтоохтору куорат сүрүн маршруттарын саамай чугас тохтобулларыгар диэри илдьэр-аҕалар «подвозной» маршруту тэрийэр санаалаахтар.

Эһиилги сылга оптуобус сырыытын саҕалыыр былааннаахтар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.