23.10.2026 | 13:01 | Просмотров: 150

Сэтинньи ыйтан киирэр уларыйыылар

Сокуону билбэт буолуу – эппиэтинэстэн босхолообот. Онон эрдэттэн билэр, билсэр ордук.
Сэтинньи ыйтан киирэр уларыйыылар
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа сэтинньи 1 күнүттэн сүрүннээн биисинэс, атыы-тутуу уонна үп эйгэтин таарыйар сокуоннарга уларыйыылар киириэхтэрэ.  Онуоха маркировкаланар табаардар кэрискэлэрэ кэҥээн биэриитэ, арыгылаах утахха ирдэбил күүһүрүүтэ уонна нолуокка уларыйыы киириитэ төрүөт буолла.

«Кырдьыктаах бэлиэ» (Честный знак) тиһигэ кэҥиир

Бу дьыл сэтинньи 1 күнүттэн “Кырдьыктаах бэлиэ” кэтээн көрөр табаардарын кэрискэтэ кэҥиир. Саҥа быраабыла мас арыытыгар, үүт астарга уонна уоҕурдууга сыһыаннаах. 

Ити кэмтэн саҕалаан, мас арыытынан дьарыктанааччылар – арыыны бэлэмнээн таһаарааччыттан саҕалаан, Общепит тэрилтэлэригэр уонна косметика хампаанньаларыгар тиийэ – бука бары универсальнай атастаһыыга сылдьар докумуоннары (УПД) ылсар-бэрсэр эбээһинэстэнэллэр. Ону тэҥэ хас биирдии упаковкаҕа маркировка кода сурулларын хааччыйыахтаахтар.  

Бу иннинэ GTIN уонна бородууксуйа ахсаанын ыйарынан бүтэр эбиттэр. Ити быраабылаҕа биирдиилээн атыынан дьарыктанар маҕаһыыннар 30 г уонна онтон кыра кээмэйдээх гына суулаан атыылыыр түгэннэригэр хапсыбаттар. Маркировкалыы сатыыр кинилэртэн ирдэммэт.

Дьэ, оттон булгуччу  маркировкаланара ирдэнэр табаары онто суох эргиммиттэрэ билиннэҕинэ дуоһунастаах сирэй 5 тыһ. солкуобайтан саҕалаан, 10 тыс. солк. диэри ыстырааптанар уонна бородууксуйата былдьанар буолуоҕа. Оттон юридическай сирэй ыстырааба 50 – 300 тыһ. солк. иһинэн халбаҥныа.

40 сууккаттан уһун болдьохтоох табаарга партиянан учуот киирэр: систиэмэ табаар хас биирдии упаковкатынан буолбакка, партиянан арааран оҥоһуллар буолар. Онуоха партия нүөмэрэ булгуччу “Меркурий” тиһиккэ киирбит бэтэринээр арыаллыыр докумуоннарын дааннайыгар толору сөп түбэһэр буолуохтаах.

Оттон 40 суукка уонна онтон кылгас болдьохтоох үүт астарга партиянан учуот кэлэр 2027 сыл кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирэр.

Сэтинньи 1 күнүттэн уоҕурдуу туһаныыга бэлэмнэммит ТН ВЭД 3105 кодтаах упаковката  булгуччу маркировкалаах буолара ирдэнэр.  Маркировканы уоҕурдууну оҥорон таһаарааччылар, ону тэҥэ таска таһаарааччылар (импортердар) туруоруохтаахтар. Ону таһынан итинник бородууксуйа тобоҕо эмиэ маркировкаланар буолар. Бу быраабыла 2027 сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри (ол аата, биир сыл устата) дьайар.

Итинник маркировка арай хахтары 10 киилэттэн эбэтэр 10 л тахса ыйааһыннаах (нетто), 5 г (мл) диэри упаковкаалаах табаардарга уонна ЕАЭС тас өттүгэр таһаарыллар табаардарга, рекламалыырга анаммыт уонна чопчу тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар уоҕурдууларга ирдэммэт эбит.

Арыгы атыытыгар ирдэбил күүһүрэр

Бу дьыл сэтинньититтэн 171 нүөмэрдээх Федеральнай сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, вискэ дистиллятын оҥорон таһаарааччылартан ирдэбил лаппа кытаатар.  Аан бастакытын лиссиэнсийэ ылар хампаанньалар 100 мөл. солк. уставной хапытаалы төлөөбүттэрин бигэргэтэллэрэ хайаан да ирдэниэ. Оттон бэлиэр үлэлии сылдьар оҥорон таһаарааччыларга бу  ирдэбил хойутуу – 2027 сыл кулун т утар 1 күнүттэн – киириэҕэ.

Ону тэҥэ арыгы эргиирин хонтуруоллуур судаарыстыба бэрээдэгэ уларыйар уонна оборудованиеларын оҥорон таһаарар кыамтатын реестирэ диэн саҥа киллэрии баар буолуоҕа.

Нолуок уонна төлөбүрдэр

2026 сыл атырдьах ыйын 4 күнүнээҕи 312 № -дээх ФЗ олоҕуран, нолуок, түһээн (пошлина) уонна ыстыраап төлөммүтүн туһунан иһитиннэрии судаарыстыбаннай уонна муниципальнай төлөбүрдэр тустарынан Судаарыстыба информационнай систиэмэтигэр (ГИС ГМП) харчы угуллубутун кэнниттэн биир чаас иһинэн хайаан да киллэриллэрэ ирдэниэ.  

Сокуон саҥа комиссияны эбэтэр лимиити да олохтооботох, урбаанньыттартан туох да атын дьайыы ирдэммэт.  

Тимир көлө бэнсиинин атыылыылларын иһин  акциз иһин вычет ылар тэрилтэлэргэ, докумуоннарын электроннай көрүҥэ ФНС бирикээһинэн бигэргэммит.  

«Яндекс Маркет»: атыыһыт маны билиэхтээх

2026 сыл сэтинньи 1 күнүттэн «Яндекс Маркекка» FBY моделынан үлэлиир – ол аата, табаардарын маркетплейс ыскылаатыгар уурдарар –  атыыһыттарга эмиэ үлэлиир усулуобуйалара уларыйар.  

Ордубут табаары ылыы иһин (за прием излишков) ылыллар эбии төлөбүр тохтуур. Ол оннугар сайаапкаҕа суруллубут уонна дьиҥ туттарыллыбыт ахсаан араастаһар түгэнигэр ыстыраап төлөнөр буолар.  Араастаһыы хас лиитирин аайы 10 солк. төлөнөрө быһаарыллыбыт. Ити гынан баран, биир табаарга ити ыстыраап 200 солк. элбиэ суохтаах, ону тэҥэ тиэрдии иһин 25 тыһ. солк. таһынан үрдээбэт.

Табаары суортарга араарар киин нөҥүө таһаарарга бастакы лиитир иһин 20 солк, онтон кэлэр хас л аайы 5 солк. төлөнөр. Ол эрээри табаар иһин ити кээмэй муҥутаан элбээбитэ 1000 солк. буолуон сөп.  

Сакаастааччыга тиксэрэргэ бэлэм буолбут табаары харайыы бастакы икки күҥҥэ -- босхо, онтон уһаата даҕаны, 5 л диэри объемнаах табаарга  хас күн аайы 12  солк. эбиллэн иһиэ. Ону таһынан  табаар ити биэстэн л ордор хас эбии л аайы күҥҥэ 3 солк. эбиллэр. Ол эрээри ити суума биир күҥҥэ 500 солк. элбээбэт.  

Айан кэмигэр сүппүт (потерянные отправления) табаары көрдүүр болдьох – бу дьыл сэтинньи 1 күнүттэн кэлэр 2027 сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри кэмҥэ –  40 күнтэн 70 күҥҥэ диэри уһаан биэрэр. Ол кэнниттэн, дьиктитэ,  2027 сыл олунньу 1 күнүттэн саҕалаан,  көрдүүр болдьох төттөрү 40 күҥҥэ диэри кылгыыр буолбут.

 Беларуссияттан табаары киллэриигэ уларыйыы

Сэтинньи ыйтан Беларуссияттан табаары киллэрэллэригэр импортердар кэлиэхтээх таһаҕас туһунан докумуону эрдэ толорор уонна табаары тиэрдиини бигэргэтэр систиэмэ чэрчитинэн, табаар хаһан Арассыыйа территориятыгар киириэр диэри төлөбүр оҥоһулларын хааччыйар төлөбүрү киллэрэр эбээһинэстэнэллэр.

Кутталаах эбийиэктэри страховкалатыы ирдэнэр

Арассыыйа Киин баана кутталлаах эбийиэктэри бас билээччилэр саахал (авария) түмүгэр буортуну оҥоруу (вред) тахсыан сөбүн быһыытынан, гражданскай эппиэтинэһи сүгэр гына, булгуччулаах страхование саҥа тарыыбын олохтообут.  Саҥа тарыып бу сэтинньи 1 күнүттэн олоххо киирэр. Тарыып 50 бырыһыаҥҥа тиийэ уларыйбыт.

Тас дойду гражданнарын ыстырааба үрдүүр

Уларыйыы тутаах бакыата бу дьыл сэтинньи 1 күнүттэн киириэ. Оттон сэтинньи 3 күнүттэн тас дойду олохтоохторо уонна гражданствота суох дьон РФ территориятыгар киирии эбэтэр Арассыыйаҕа сылдьыы быраабылатын кэһэр, сокуону кэһэн үлэлиир уонна иммиграция быраабылаларын кэһэр түгэннэригэр төлөһөр административнай ыстырааптара үрдүүр буолла.

Ол курдук, биһиги дойдуга киирии уонна сылдьыы быраабылатын, эрэсиимин кэһии иһин тас дойду олохтоохторуттан ылыллар ыстыраап кээмэйэ КоАП 18.8 ыстатыйатыгар олоҕуран,  4 тыһыынчаттан 7 тыһ. солк. диэри үрдүүр, ону тэҥэ дойдуттан таһаарар быһаарыы ылыллыан сөп.

Өскөтүн сыл устата итинник кэһиини иккистээн таһаарар түбэлтэтигэр ыстыраап 7 тыһыынчаттан 9 тыһ. солк. диэри үрдүүр, буруйдааҕы биир биэс тыла суох дойду тас өттүгэр утаараллар.

Бу иннинэ итинник ыстыраап суумата баара эрэ 2 тыһ. саҕалаан, 5 тыһ. солк. диэри халбаҥныыра, иккистээн быраабыланы кэһээччи 5-7 тыһ. солк. эрэ төлүүрэ.

Кэлэр ыйтан киирэр уларыйыылартан кылгастык сэгэттэххэ, итинник.

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.