Сэтинньи хайдах буолуоҕай?
Норуот синоптига Тарас Тарасов-Тускул сэтинньи ый улаханнык тымныйыа суоҕа, сымнаҕас күн-дьыл туруоҕа диэн билгэлиир:
- Күһүммүт сыл аайы уһуур, өр кэмҥэ сылаас турар буолла. Бэйэбит да уһун сылаас күһүҥҥэ үөрэнэн эрэбит. Быйылгы алтынньы былырыыҥҥытааҕар уһаата.
Өлүөнэ эбэбит билигин да тоҥо илик. Хаар биир кэлимник түспэтэ: сорох сиргэ олох суох, уопсайынан хаар аҕыйах түстэ. Хаар мантан антах элбэхтик түспэтэҕинэ сылгыга ыарахан кыстык буолуоҕа.
Сэтинньи күнүн-дьылын туруга сымнаҕас буолар чинчилээх. Урут сэтинньи сэттистиир күнүгэр -40 кыраадыс тымныйар, өрүһү массыынанан кыахтанар этибит. Сэтинньи бүтэһик күннэригэр улахан тымныылар Өймөкөөҥҥө, Дьааҥыга түһүөхтэрэ, онтон атын улуустарга -30 кыраадыстан тымныйыа суоҕа.
Саха сирин киин улуустарыгар сэтинньигэ:
Бастакы декада: күнүс −17°C, түүн −21°C.
Иккис декада: күнүс −22°C, түүн −27°C.
Үһүс декада: күнүс −29°C, түүн −33°C.
Ый устата 15 мм сөҥүү үһэрэ күүтүллэр. Норуот синоптига сабаҕалыырынан, 19 былыттаах, 5 хаардаах, 3 сөҥүүтэ суох күн баар буолуоҕа.