Сэрэн-сэрбэн: түөкүттэр угаайылара эбиллэр
Аферистар мессенджер профилын алдьатан киирэн, биир эмэ Мэдиссиинэ тэрилтэтин официальнай аккаунунун курдук оҥороллор. Дьэ уонна онтон дьоҥҥо бу билигин сыһыарыллыбыт поликлиникаҕар салгыы хаалаҕын дуу эбэтэр атын поликлиникаҕа көһөҕүн дуу диэх курдук анал сигэлээх (ссылка) иһитиннэрии ыыталлар. Албыннатыам эрэ дии санаабатах киһи сигэни баттаан киирэр. Онно “эйиэхэ кэлбит СМС кодун баттаа” диэн сурук тахсар. Ону баттаатыҥ да, мессенджергэр биитэр судаарыстыбаннай өҥө порталыгар баар профильгар биирдэ баар буола түһэллэр. Иэс да ылыахтарын сөп, докумуоннарыҥ дааннайдарын хара дьайыыга туттуохтарын, дьиэҕин, сиргин да атыылаан туруохтарын син.
Итини этэн туран, киберполиция сэрэтэр: биир да судаарыстыбаннай тэрилтэ итинник сибидиэнньэлэри социальнай ситим, мессенджер нөҥүө ылбат. Тус бэйэҥ сирэй тиийэн быһааттарар боппуруоһуҥ буоларын санатар.