17.10.2026 | 12:00 | Просмотров: 229

Сатаатахха, чэй да туһалаах

Наар биир чэйи, кофены иһэр соччото суох.
Сатаатахха, чэй да туһалаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Онон кимиэхэ туох баарынан, уларыта сылдьан иһэрэ быдан ордук. Холобур, сахаларга кэлиҥҥи кэмҥэ олус киэҥник тарҕаммыт кучу чэйи уһуннук иһиллибэт. Эмп тэҥэ, тозтотон ыла-ыла иһэргэ сүбэлииллэр. Биир да көрүҥ чэйгэ араас туманы, оту кутан, туһунан көрүҥ чэй оҥостуохха сөп. Олортон судургуларын холобурдуохпут.

Чэйгэ маҕаһыыҥҥа атыыланар гвоздика сиэмэтин эбэн иһэн көрбүккүт дуу? Сылаалаах-сындалҕаннаах үлэ кэнниттэн дьиэҕэ кэлэн баран, итинник чэйи истэххитинэ, өйгүт-санааҕыт ырааһырбыт тэҥэ буолуо. Бэл, төбө кыралаан ыалдьарын аһардыан сөп.

Боҕуруоскай оттоох (чабрецтаах) чэй. Маҕаһыынтан бэлэм чэйи биитэр сайын бэйэҕит хомуйан хатарбыт оккутун туһаныаххытын сөп. Куртах аһы буһарарыгар көмөлөһөр, куртах ыараабыт курдук буоллаҕына, иһэр үчүгэй.   

Имбирдээх чэй тоҥон-хатан кэлбит киһиэхэ, кыратык тымныйан ыалдьыбыт буоллахха, сылааһынан тайыыр, эт-сиин ыарыыны утары охсуһар күүһүн күүһүрдэр. Билиҥҥи курдук тымныы кэм саҕаланан эрдэҕинэ иһэр олус үчүгэй.

Хааннарыгар саахардара элбэх дьон корицалаах чэйи иһэллэрэ ордук. Саахары аҕыйатар дьиктилээх. Ол иһин десерды, минньигэһи кытта корицалаах чэйи иһэргэ сүбэлииллэр. Мяталаах чэй киһини холкутутар, тыҥаабыт туругу сымнатар, сынньаныах иннигэр иһэр үчүгэй.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.