Бырааһынньык күн куорат балыыһалара хайдах үлэлииллэрий?
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сэтинньи 4 күнүгэр мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ хайдах үлэлииллэрин иһитиннэрдэ.
ПОЛИКЛИНИКАЛАР:
Учаастактааҕы быраастар (терапевтар, педиатрдар, уопсай быраактыка быраастара):
Ыарыһахтары көрүү: 09:00 чаастан 15:00 чааска диэри.
Бырааһы дьиэҕэ ыҥырыы: 09:00 чаастан 15:00 чааска диэри.
БЭРЭБЭЭСКИЛИИР УОННА ПРОЦЕДУРА ОҤОРОР КЭБИНИЭТТЭР:
Мэдиссиинэ тэрилтэтигэр олохтоммут үлэ графигынан.
Доруобуйа харыстабылын биир кэлим контакт-киинэ: 122.
ТРАВМПУУННАР:
М.Е. Николаев аатынан Медицина национальнай киинин иһинэн үлэлиир Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо травмпууна
Күнүстэри-түүннэри, өрөбүлэ суох үлэлиэҕэ.
Аадырыһа: Сэргэлээх суолун 4, Педиатрия киинэ
Билсэр төл.: 500-900.
1 №-дээх улахан дьон травмпууна
Суукканы эргиччи, өрөбүлэ суох үлэлиэҕэ.
Аадырыһа: П. Алексеев уул., 64/1.
Билсэр төл.: 43-20-30
2 №-дээх улахан дьон травмпууна
Күн аайы 08:00 чаастан 20:00 чааска диэри үлэлиир.
Аадырыһа: Михаил Николаев проспегын, 6/1А («Прометей» ЖК утары).
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата
Суһал көмө суукканы эргиччи, өрөбүлэ суох оҥоһуллар.
Техническэй тохтобуллар (санитарнай ыраастаныы):
07:45-08:00 диэри;
12:00-12:30 диэри;
16:00-16:15 диэри;
20:00-20:30 диэри.
Аадырыһа: Свердлов уул., 17.
Билсэр төл.: 500-707
СТОМАТОЛОГИЯ
Дьокуускайдааҕы стоматология идэтийбит киинэ
Суһал көмө сарсыарда 9.00 чаастан күнүс 15.00 чааска диэри оҥоһуллар.
Аадырыһа: Свердлов уул., 3/2.
Билсэр төл.:
31-66-90 – оҕо салаатын регистратурата;
32-65-75 – улахан дьон салаатын регистратурата
Быһа линия: 31-66-09
СУҺАЛ КӨМӨ
Суукканы эргиччи, өрөбүлэ суох үлэлиир.
Суһал көмөнү ыҥырар төлөпүөннэр:
03 – стационарнай төлөпүөнтэн,
103 – суотабай төлөпүөнтэн
Маны сэргэ суһал сулууспалары ыҥырар биир кэлим нүөмэринэн эмиэ ыҥырыахха сөп: 112.
Тэйиччиттэн сүбэ-ама биэрэр пост: 32-63-55.