Сандаара Апросимова – Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара
«Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара ааты ыларга аан дойдуга үстэ чөмпүйүөннүөххэ наада. Оттон Сандаара түөрт төгүл кыайбыта, ону таһынан кини Европа чөмпүйэнээтигэр икки төгүл кыһыл көмүс мэтээли ылары ситиспитэ. Аан дойдуга бастыыр иһин, Европа, Арассыыйа араас саастаахтарга чөмпүйэнээттэригэр кыайыыларын ааҕан сиппэппит. Сандаара Саха сириттэн бастакынан спорт үтүөлээх маастара ааты ылла. Биллэн турар, бу түгэни өр кэтэспиппит, онон олус үөрдүбүт. Ити дьаныардаах дьарык түмүгэр ситиһилиннэ. Сандаара үгүстэргэ холобур буолуоҕа, үтүөлээх маастардар кэккэлэрэ хаҥаан иһиэҕэ диэн эрэнэбит», – диэн спортсмен тус тренерэ Иван Павлов СИА-ҕа кэпсээтэ.
Сандаара Апросимова иккис кылаастан күн бүгүҥҥэ диэри Иван Павловка дьарыктанар.
Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара сэтинньигэ Турцияҕа ыытыллар эдэрдэргэ аан дойдуга бастыыр иһин күрэххэ кыттыаҕа.
Ситиһиилэри баҕарабыт!