12.10.2026 | 15:01 | Просмотров: 91

Салгын олбохтоох суудуналар үлэлии тахсар болдьохторо билиннэ

Тарыып уруккутунан хаалыаҕа.
Салгын олбохтоох суудуналар үлэлии тахсар болдьохторо билиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин Куорат архыыбыттан
Бөлөххө киир

«ЛенаВодСервис» хампаанньа салайааччыта Борис Строев СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан салгын олбохтоох суудуналар бу нэдиэлэ бүтүүтэ – быһа холоон алтынньы 16 күнүттэн үлэлии тахсыахтара.

Строев кэпсээбитинэн, билигин өрөмүөн үлэтэ күүскэ бара турар. Быһа холоон алтынньы 15–16 күннэригэр диэри сайыҥҥы катердар сылдьыахтара. Онтон 10-12 суудунаны таһаарыахтара, аҕыйах хонугунан – биригээдэни барытын.  

Бэлиэтээн эттэххэ, тарыып уруккутунан хаалыаҕа – пассажиртан 2500 солкуобайы ылыахтара.

«Эбэҕэ муус хойуннаҕына уонна аэроботтарга көһүү саҕаланнаҕына, сыана 5 тыһ. солк. диэри үрдүөҕэ. Быһыы-майгы көннөҕүнэ, эмиэ 2500 солкуобайга түһүөҕэ. Былырыыҥҥы курдук», – диэтэ «ЛенаВодСервис» хампаанньа салайааччыта.

Саҥа сезоҥҥа барыта 28 салгын олбохтоох суудуна үлэлиэҕэ. Аллараа Бэстээххэ Дьокуускай куорат 204-с түөлбэтигэр баар «Намыв» ыстаансыйаттан сылдьыахтара.


 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.