01.11.2025 | 11:11 | Просмотров: 166

Саха тыйаатырын туһунан киинэлэр архыыпка хараллаллар

Саха тыйаатыра төрүттэммитэ 120 сылынан уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы аудиовизуальнай нэһилиэстибэ күнүн чэрчитинэн Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ киинэ уонна Саха тыйаатыра бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
Саха тыйаатырын туһунан киинэлэр архыыпка хараллаллар
Ааптар: Маргарита Акимова
Бөлөххө киир

Ол курдук, алтынньы ый 31 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха Академическай тыйаатырын дириэктэрэ Петр Макаров уонна Иван Спиридонович Жараев аатын сүгэр СӨ Норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинин дириэктэрэ Степан Москвитин инникитин бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Тыайаатыр артыыстара, аудтовизуальнай киин үлэһиттэрэ Саха академическай тыйаатырын биир дьоһун саалатыгар тоҕуоруһа муһуннулар.

Ааспыт кэм ахтылҕанын эргитэн 1944 сылтан саҕалаан Саха тыйаатырын туһунан киинэ докумуоннарын күөх экраҥҥа ытыс тыаһынан долгуйан олорон көрдүлэр.

Кырдьыга даҕаны, биһиги сахабыт тыйаатырын нөҥүө норуот билиниитин ылбыт артыыстар Петр Решетников, Гаврил Колесов, Дмитрий Ходулов, Анна Кузьмина уо.д.а. үтүө мөссүөннэрэ бу баардыы сыанаҕа толоруулара көрбүт эрэ киһи кутун тутар.

Аудиовизуальнай киин дириэктэрэ Саха АССР үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Зоя Петровна Багынановаҕа тэрилтэ пуондата хаҥыырыгар тус кылаатын иһин Махтал суругу туттарда.

Саха тыйаатырын дириэктэрэ Петр Тимофеевич хайдахтаах курдук сыаналаах киинэ докумуоннар көрүүгэ киирбиттэрин, инникитин  артыыстар ааттарын үйэтийэригэр бииргэ үлэлииргэ бэлэмин бэлиэтээтэ. «Баар киинэ докумуоннарбытын эһиги тэрилтэҕэ туттарыахпыт, салҕыы ылсан бииргэ үлэлииргэ бэлэммин», - диэтэ кини.

Ити курдук икки култуура тэрилтэлэрэ биир санаанан үлэлиир былааннара кэскиллээх уонна үйэлээх буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп