Саха тыла уонна сыыппара технологията
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семёнов төрүт тыл уонна култуура нэһилиэстибэтин үйэтитэргэ, хаҥатарга туһалаах сыыппара технологияларын туһунан кэпсээтэ.
Саха тылын сайыннарыыга уопсайа 5 Гб-тан тахса кээмэйдээх дааннай түмүллүбүт. Саха сиринээҕи Оҥоһуу Өй лабораторията уонна ХИФУ сахалыы саҥаны, тыл ситимнэрин өйдүүр уонна сахалыы алфавит бэлиэлэрин тиэкискэ билэр инструмены толкуйдаан таһаарбыттар. Ол чопчу быһаарсар, билэр кыаҕа 92 % үһү.
Саха тыла GigaChat 3.1 Ultra моделга баар. Бу дьыл ыам ыйыттан Ил Дархан сыыппаар көмөлөһөөччүтэ «АЙТА» сахалыы тылынан иһитиннэриилэри ылар, билинэр буолбут. Ону таһынан, олохтоох университекка хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылын куолаһынан быһаарсар тирэх технологиятын оҥорорго ылсыбыт ыччат лабораторията үлэлиир. Сыыппара инструменнара архыып нэһилиэстибэтин кытта билсэргэ эмиэ туһалыыллар. Яндекс сиэрбиһигэр «Поиск по архивам» диэни баттаан, Саха сирин Национальнай архыыбын илиинэн суруллубут 550 тыһ. илиис сканнаммытын булуохха сөп. Итиннэ быһа холуйан, 3 тыһ. кэриҥэ архыып дьыалата баар. Баһыйар өлүүскэтин метрика кинигэлэрэ ылаллар. Ити сиэрбиһи туһанан онлайн олорон, төрүттэриҥ туһунан сибидиэнньэни булуохха сөбүн эттэ. Саха сиринээҕи Национальнай бибилэтиэкэ «МаксИИм» диэн сыыппара бибилэтиэкэтин уонна «Эксперт Якутии» чат-боту үлэлэттэ. Сбер кыттыылаах «Глобальная платформа ИИ-решений для библиотек России» бырайыак 25 эрэгийиэҥҥэ боруоба быһыытынан үлэлиир. Онно Саха сирэ бырайыагы оҥорооччу уонна эпэрээтэр быһыытынан үлэлиир.
Музыкальнай нэһилиэстибэни үйэтитиигэ Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института «Хотугу Азия норуоттарын музыкальнай инструменнарын сыыппара түмэлин» оҥоро сылдьар. Онно аудиоматырыйааллар уонна инструменнар 3D-моделлара баар буолуохтара. Институт өссө биир бырайыага – «Ювелир.AI» платформа буолар. Ол платформа устудьуоннарга, дизайнердарга уонна ювелирдарга үгэс буолбут сахалыы оһуордары туттан киэргэл оҥороллоругар көмөлөһүө.