Саха телевидениетын туһунан бастакы монография
200 станицалаах, 500 устуука тиражтаах монография “Саха” НКИХ өйөбүлүнэн бэчээттэммит. Бу саха телевидениетин историятын, билиҥҥи үлэтин түмэ тардар аан бастакы монография буолла.
Ааптар 1963 сылтан, Саха АССР телевидение төрүттэниэҕиттэн саҕалаан, биһиги кэммитигэр диэри кэми хабан үлэлээбит. Телевидение инфраструктуратын атаҕар туруута, сэбиэскэй кэминээҕи бырагыраамалар политикалара, онтон кэлэр сылларга регион телевидениетын айар үлэтэ, сыыппараҕа көһүү кэмэ кэпсэнэр. Маны тэҥэ саха телевидениета продюссерскай үлэ ньыматыгар көһүүтэ сиһилии ойууланар.
Монография Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын академиятын бэчээтин кыһатыгар тахсыбыт, эппиэттээх эрэдээктэринэн Никита Аргылов буолбут. Соторутааҕыта таһаарыы Уһук Илин “Бэчээт тиэргэнэ” быыстапка-куонкуруһугар “Бастыҥ научнай кинигэ-монография” номинацияҕа кыайыылаах таҕыста.