08.04.2026 | 16:30 | Просмотров: 118

Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа СВО-ҕа көмө ыытта

Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа СВО-ҕа көмө ыытта
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыыга кыттар байыастары өйүүргэ Саха сирин Быыһыыр сулууспата көхтөөхтүк кыттар. СВО саҕаланыаҕыттан фроҥҥа тыһыынчанан туонна араас таһаҕас, ол иһигэр массыына, гуманитарнай көмө ыытыллыбыт.

Муус устар 6 күнүгэр таһаҕас тиэйэр массыыналар волонтердар хомуйбут гуманитарнай көмөлөрүн уонна байыаннай үлэһиттэргэ анаммыт баһыылкалары тиэнэн, Саха сириттэн өссө биир айаҥҥа туруннулар. Сыл саҕаланыаҕыттан 23 рейс оҥоһуллубут, 58 массыынаны уонна 130 туоннаттан тахса көмөнү ыыппыттар.

«Вместе мы сила» хамсааһын волонтердара «СӨ быыһыыр сулууспата» СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин кэлэктиибигэр гуманитарнай көмөнү тиэйиигэ көмөлөспүттэрин иһин махталларын биллэрдилэр. Кинилэр хас биирдии кылааттара байыастарга дьиҥнээх өйөбүл, оттон күүстээх тыыл фрону өйүүр улахан суолталаах тирэх буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.