Саха сирин үрдүк биэнсийэлээх эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киллэрбиттэр
Ол курдук, итиччэ биэнсийэни Карелия, Саха сирэ, Коми өрөспүүбүлүкэтэ, ЯНАО, ХМАО, Камчатка, НАО кырдьаҕастара ылаллар. Ол иһигэр Архангельскай, Сахалин, Мурман уонна Магадан уобаластара киирбиттэр.
“Биһиги биэнсийэлээхтэрбит киэнэ үрдүккэ киирсэр эбит” диэх иннинэ, биэнсийэлээххэ бигэргэммит тииһинэн олоруу алын кээмэйэ күн бүгүн төһөтүн билсиэҕиҥ. Оччотугар кимнээх биэнсийэлэрэ чахчы үрдүгэ, дьэ, биллэн тахсыа. Ол курдук бу сылга Карелияҕа – 18 тыһ. 079 солк. Архангельскайга – 18 тыһ. 289 солк., Коми өрөспүүбүлүкэтигэр – 18 731 солк, Сахалиҥҥа – 22 тыһ.151 солк. буолан турар. Оттон Саха сиригэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ биэнсийэлээххэ – 24 тыһ. 594 солк., оттон Камчаткаҕа – 28 тыһ. 666 солк.
Бу курдук сыана биллэ араастаһар эрэгийиэннэригэр биэнсийэ орто кээмэйэ тэҥ кэриэтэ. Ону үрдүттэн ылан, биир таһымҥа туруорар сыыһа буолуоҕа.