Саха сирин почтатыгар үлэлиир эр дьон 16 %-а – элбэх оҕолоохтор
Манна даҕатан, РФ Почтатын Саха сиринээҕи управлениета амарах аҕа статустаах эр дьонун туһунан кэпсиир. Өрөспүүбүлүкэ почталарыгар 175 эр киһи аҕа үрдүк аатын сүгэр эбит. Кинилэр баһыйар өттүлэрэ 1-2 оҕолоохтор. Оттон 39 аҕа үстүү уонна онтон элбэх оҕолоох.
Муҥутуур элбэх оҕолоох эр киһи кэллигэлэрэ почта массыынатыгар суоппардыыр. Кини биэс оҕолоох: улахана – 29, кырата – 12 саастаахтар.
Иккис элбэх оҕолоох, кэргэниниин 4 оҕону күн сиригэр көрдөрөн иитэ сылдьар аҕа буолар. 18 аҕа үстүү оҕолоохтор.
Элбэх оҕолоох аҕалар араас идэлээхтэр. Кинилэр ортолоругар бааллар: почтальоннар, суоппардар, сортировщиктар, почта богуоннарын арыаллааччылар, офис үлэһиттэрэ уо.д.а.
Почта үлэһит аҕалара оҕону иитэр ийэлэр тэҥэ, кинилэрдиин тэҥ бырааптаахтар. Холобур, сорох эр дьон үлэһиттэр оҕону көрөн олоруу уоппускатын ылан, дьиэлэригэр олорон оҕо көрөллөр эбит. Тэрилтэ социальнай ситимигэр оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ баарын суруйар.
Ону тэҥэ Арассыыйа Почтата үлэһиттэрин ортотугар оҕону иитиигэ, карьераны уонна төрөппүт эбээһинэһин хайдах тэҥҥэ тутар, дьүөрэлиир туһунан уйулҕа үөрэхтээхтэрэ кыттыылаах вебинардары тэрийэр. Оҕолоох төрөппүттэргэ көрүллэр чэпчэтиилэр бааллар. Ол иһигэр куорат таһынааҕы лааҕырга сынньалаҥын төлөбүрүн кэмпэнсээссийэлииллэр, Саҥа дьылга минньигэс бэлэҕи биэрэллэр. Наада түгэнигэр төлөнөр өрөбүл күн кытта бэриллиэн сөп.