Саха сирин онкологтарын хамаандата Уһук Илиҥҥэ бастыҥ!
Алтынньы 31 күнүгэр Дьокуускайдааҕы онкология диспансерыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Sechenov Cancer Quest 2026» диэн искэн ыарыытыгар буолар олимпиадаҕа талыы зонатааҕы туура буолан ааста. Манна искэн ыарыы теориятыгар уонна быраактыкатыгар билиини тургутан көрөллөр.
Саха сирин эмчиттэрин хомуур хамаандата бу олимпиадаҕа өрүү көхтөөхтүк кыттар. Эрэгийиэн иһигэр эрэ буолбакка, федеральнай да таһымҥа кинилэр үрдүк бэлэмнээхтэрин көрдөрөр үгэстээхтэр.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Мэдиссиинэҕэ институтун хомуур хамаандата 2023 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада түмүктүүр түһүмэҕэр үрүҥ көмүстээх призер буолбуттаа. Ол онна дойду рэгийиэннэриттэн уонна тас дойдулартан сүүрбэччэ хамаанданы кэннилэригэр хаалларан тураллар.
Зонатааҕы түһүмэх түмүгүнэн быйыл маннык миэстэлэри ылбыттар:
Бастакы миэстэни – ХИФУ институтун хомуур хамаандата;
Иккис миэстэни – Бүрээтийэ Дорж Банзаров аатынан судаарыстыбаннай университетын хамаандата;
Үсүһү – Уһук Илиннээҕи федеральнай университет
Төрдүс миэстэни – Амурдааҕы государственнай мэдиссиинэ академията;
Инньэ гынан кыайыы көтөллөммүт Саха сирин хамаандата Москуба куоракка буолуохтаах дойду таһымнаах олимпиадаҕа бүтүн Уһук Илин чиэһин көмүскүүр буолла.
Истиҥник эҕэрдэлээн туран, ситиһиилэри баҕарабыт.