«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл хаһан ыытыллара билиннэ
Олохтоох дьаһалта урбааҥҥа, потребительскай ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар департамена иһитиннэрэринэн, быйыл «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл сэтинньи 22 күнүттэн 28 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.
Үгэс буолбут тэрээһин «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн гастрономическай култуураны, эрэстэрээн дьыалатын, туризмы, ыалдьытымсах буолууну, олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйар ырыынагы сайыннарар уонна өрөспүүбүлүкэ оҥорон таһаарааччыларын өйүүр сыаллаах ыытыллар.
Тэрийээччилэр сайаапкалары бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэриттэн күүтэллэр. Ол эбэтэр бэстибээлгэ эрэстэрээннэр эрэ буолбакка, кафелар, суол кытыытынааҕы кафелар, бардар, куорат таһынааҕы комплекстар, эрэстэрээннээх гостиницалар, остолобуойдар, түргэн аһылык тэрилтэлэрэ, бэлэм аһы-үөлү уонна эрэстэрээн бородууксуйатын тиэрдэр сулууспалар кыттыахтарын сөп.
Сайаапкаларгытын алтынньы 26 күнүттэн сэтинньи 13 күнүгэр диэри resto-ykt2012@mail.ru уонна opt.yakutsk@mail.ru электроннай почталарга ыытыаххытын сөп. Билсэр төл.: 8-914-270-52-56, 300-880 (эбии 1 баттаа).