09.10.2026 | 18:23 | Просмотров: 107

Саха сирин 150 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо грипп утары быһыыны ылла

Саха сиригэр балаҕан ыйын 14 күнүгэр саҕаламмыт грипп утары быһыыны биэрии үлэтэ салҕанар.
Саха сирин 150 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо грипп утары быһыыны ылла
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Алтынньы 8 күнүнээҕи туругунан бу быһыыны 150 095 киһи, ол иһигэр 74 484 оҕо уонна 75 611 улахан киһи ылбыт.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, вакцинацияҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 433 быраас биригээдэтэ үлэлиир. Бу сезоҥҥа өрөспүүбүлүкэ 425 тыһыынчаттан тахса олохтооҕор быһыы туруорар былааннаахтар.

Бэлиэтээн эттэххэ, билиҥҥи туругунан 282 690 доза вакцина кэлбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп