Саха сиригэр вейп атыыта бобуллар
Сокуон барылын көҕүлээччинэн норуот дьокутаата Алексей Корнилов буолла. Сүрүн сыалынан нэһилиэнньэ, чуолаан сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолор доруобуйаларын харыстааһын буолар.
Норуот итэҕэллээхтэрэ этэллэринэн, вейптарынан туһанааччы 45 бырыһыана – 15–17 саастаах оҕолор, оттон бу дьаллыкка кинилэр ордук 15 саастарыгар сысталлара бэлиэтэнэр. Ити бородууксуйа ыччат болҕомтотун амтан эбэр эбиликтэрдээҕинэн тардар, бу никотиҥҥа ылларыыга уонна тыынар уорганнар ыарыылара элбииригэр тиэрдэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ убаҕас олоҕунан үлэлиир никотиннаах электроннай тэриллэри уонна олорго анал убаҕастары бобор дьаһал 2027 сыл кулун тутар 1 күнүттэн 2032 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри – биэс сылга киириэҕэ. Стиктэринэн үлэлиир электроннай тэриллэргэ бу бобуу тарҕаммат.
Бэлиэтээн эттэххэ, сокуон барыла төрөппүттэр, педагогтар уонна медицинэ үлэһиттэрин түмсүүлэрэ өйөөбүт уопсастыбаннай көҕүлээһиннэрин түмүгэр киирдэ.