21.10.2026 | 16:00 | Просмотров: 67

Саха сиригэр С гепатиттаах 400-тэн тахса ыарыһах босхо эмтэннэ

2026 сыл саҕаланыаҕыттан вируһу утары эмтэнии толору кууруһун 443 ыарыһах ааспыт, олортон 98%-на толору үтүөрбүт.
Саха сиригэр С гепатиттаах  400-тэн тахса ыарыһах босхо эмтэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бу үлэ «С гепатит утары охсуһуу уонна бу ыарыы тарҕаныытын кутталын намтатыы» федеральнай бырайыак иитинэн, «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Ити категорияҕа киирэр ыарыһахтары эмтээһин дьаһалларын олоххо киллэриигэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн үбүлээһин көрүллүбүт.

Вирустаах гепатит С көрүҥэ уһун кэм баарын биллэрбэккэ сылдьан, киһини өлөр өлүүгэ тиэрдэр кутталлаах ыарыылартан биирдэстэрэ. Быар ньиэрбэтэ суох буолан, биллэрбэт. Бу туһунан «Киин куорат» сиһилии суруйан турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп