Саха сиригэр эмиий искэнин утары охсуһуу нэдиэлэтин биллэрдилэр
Алтынньы ыйы уопсайынан баар кыһалҕа туһунан билиигэ, тиэрдиигэ ананар, “Ороһуобай алтынньы” диэн аатынан барар. Онкология ыарыыларын утары охсуһуу биһиги дойдуга “Уһун уонна көхтөөх олох” диэн, бэрэсидьиэн көҕүлээбит национальнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар. Сыала-соруга – ыарыы туруутун эрдэттэн сэрэтии, эрдэ-сылла диагноһы бигэргэтэн, эмтээһин эрдэ саҕаланарын ситиһии. Бу түмүгэр ыарыы эмтэнэр кыаҕа улаатар, пациент олоҕун хаачыстыбата мөлтөөбөт.
21 күн эмиий уонна тирии искэнин эмтиир отделениеҕа эмтэтэн тахсыбыт Татьяна Райляну кэпсээнин холобур быһыытынан биэрбиттэр. Кини: “Төһө да куттал, ыарыы баара долгутарын, аймыырын иһин, персонал биһиги балыыһаҕа сытар кэмиитин арыый ыарыыта, охсуута суох аһарынарбыт туһугар кыһамньыларын ууран, үлэлииллэрэ санааны бөҕөргөтөрө. Быраастан саҕалаан, санитарга тиийэ ураты болҕомтолоохтор, кыһамньылаахтар, үтүө сыһыаннаахтар”.
Кырдьыга да, ханнын баҕарар дойдуга, эрэгийиэҥҥэ барыта итинник буолара ситиһиллиэхтээх. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бу нэдиэлэ устата иһитиннэрэр-сэрэтэр тэрээһиннэри былааннаабыт. Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология диспансерын испэсэлиистэрэ туһааннаах тиэмэни тэлэбиидэнньэҕэ, социальнай ситимнэргэ сырдатыахтара. Онкопациент оскуолата диэн ыытыллыа.
Эрдэ биллэрбиппит курдук, алтынньы 15 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдициинэ Национальнай киинин иһинэн үлэлиир Маммология киинигэр Аһаҕас Аан күнэ буолуоҕа. Манна тиийэн, маммолог быраастан сүбэ ылыахха сөп.
Куһаҕана, онно биир “ноолоох”. Хайаан да биир сыл иһинэн кэмҥэ түспүт маммографияҥ, УЗИ-ҥ түмүгэ баар буолуохтаах. "Дьиҥэ, бу кэмҥэ маммогрофияҕа, УЗИга босхо түһэрэллэрэ буоллар, туһата өссө улахан буолуо этэ" диэччи үгүс. Диспансеризация кэмигэр онто да суох түһэллэр диэбит буолуохтарын сөп. Ол да буоллар, киһи барыта оннук сылдьыбат.
Маммолог бырааска тиийиэх иннинэ булгуччу 8 (4112) 39-55-13 нүөмэргэ – үлэ күнүгэр күнүс 13 ч –15 ч. диэри -- суруттарыы ирдэнэр. УЗИ, маммограция түмүгүн умнубакка илдьэ бараҕыт. Аадырыстара: Дьокуускай, Сэргэлээхтиир шоссе 4, 2-с тутуута, ЦОМиД, иккис этээс.
Доруобуйа харыстабылын исписэлиистэрэ ыарыыны баалаппат гына, көрдөрүнэ сылдьарга сүбэлииллэр.