Саха сиригэр 43 ойуур баһаара
Өлөөн улууһугар муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэн турар. Ээйик сэлиэнньэтин таһынааҕы ойуур баһаарын иэнин аччатар туһугар үлэ барар, исписэлиистэр наадалаах баһаарынай дьаһаллары ыыталлар.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 7 834,5 га уопсай иэннээх алта ойуур баһаара тохтотуллубут. Уот туруута Алдан, Үөһээ Халыма, Ньурба уонна Уус Маайа улуустарыгар уодьуганнаммыт.
Суукка саҕаланыыта Саха сиригэр уопсайа 190 930 га иэннээх 43 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Ол курдук, Кэбээйи, Аллараа Халыма, Өлөөн уонна Орто Халыма улуустарыгар биэс улахан ойуур баһаарын умуруоруу салҕанар. Уоту утары охсуһууга 245 киһи уонна 28 тиэхиньикэ үлэлиир.
Санатан эттэххэ, от ыйын 10 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарынан сибээстээн регион таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Ону тэҥэ Саха сиригэр баһаартан сэрэтэр ураты эрэсиим олоххо киирэн турар.