Саха сиригэр 4 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс, 12 боруонса мэтээл хаалла
Турнирга Саха сириттэн, Бурятияттан, Тываттан, Красноярскай уонна Забайкалье кыраайдарыттан, Иркутскай уобаластан, Монголияттан, Кытайтан уонна Молдоваттан барыта 120 күрэсчит кытынна.
Ол курдук, Саха сиригэр бастакы кыһыл көмүс мэтээли Анатолий Иванов (57 кг) аҕалла. Юрий Винокуров (61 кг) финалга Бурятия бөҕөһө Очир Цыденовы баһыйа тутан, турнир чыпчаалыгар таҕыста. 65 кг диэри ыйааһыҥҥа биир дойдулаахпыт Артур Попов финалга Анх-Эрдэне Алтангэрэл диэн монголлуун күөн көрүстэ. Биһиги уолбут хотторон иһэн, тыҥааһыннаах киирсии бүтэрэ 45 сөкүүндэ хаалбытын кэннэ, этэргэ дылы, кыайыыны кыл мүччү быһа тардан ылла. 97 кг курдук сахаларга сэдэх ыйааһыҥҥа Адам Николаев (97 кг), бэйэтин эрэллээхтик көрдөрөн, кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ.
Күрэхтэһии Монреаллааҕы Олимпиадаҕа саха бөҕөстөрө кыайыы-хотуу көтөллөммүттэрэ 50 сылыгар ананна. Санатан эттэххэ, 1976 сыллаахха от ыйын 31 күнүгэр Павел Пинигин (68 кг) – кыһыл көмүс, Роман Дмитриев (48 кг), Александр Иванов (52 кг) үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситиһэн, саха норуотугар үөрүү муҥутуур өрөгөйүн бэлэхтээбиттэрэ.
Турнир кыайыылаахтара уонна призердара:
57 кг: 1. Анатолий Иванов (Саха сирэ) 2. Федор Павлов (Красноярскай кыраай) 3. Александр Жданов (Саха сирэ) 3. Михаил Осипов (Саха сирэ);
61 кг: 1. Юрий Винокуров (Саха сирэ) 2. Очир Цыренов (Бурятия) 3. Максим Григорьев (Саха сирэ) 3. Артур Макаров (Саха сирэ);
65 кг: 1. Артур Попов (Саха сирэ) 2. Анх-Эрдэне Алтангерел (Монголия) 3. Зоригто Бороев (Бурятия) 3. Валерий Алагуев (Иркутскай уобалас);
70 кг: 1. Алан Ондар (Тыва) 2. Даниил Пилия (Санкт-Петербург) 3. Сергей Некрасов (Саха сирэ) 3. Айкар Марков (Саха сирэ);
74 кг: 1. Тумэн Дондоков (Бурятия) 2. Алексей Захаров (Саха сирэ) 3. Доржо Шарастепанов (Бурятия) 3. Константин Слепцов (Саха сирэ);
79 кг: 1. Аслан Хугаев (Санкт-Петербург) 2. Беликто Лхамажапов (Забайкалье кыраайа) 3. Нозим Сафаров (Саха сирэ) 3. Пантелеймон Софронеев (Саха сирэ);
86 кг: 1. Бато Кырмыгенов (Бурятия) 2. Аркадий Черкашин (Иркутскай уобалас) 3. Никита Евсеев (Саха сирэ);
92 кг: 1. Баярбаатар Эрдэнэмунх (Монголия) 2. Степан Иванов (Саха сирэ) 3. Риан Хаи (Кытай);
97 кг:
1. Адам Николаев (Саха сирэ) 2. Ока Леджинов (Бурятия) 3. Альберт Ефимов (Саха сирэ);
125 кг:
1. Даниил Ахмаев (Красноярскай кыраай) 2. Михаил Николаев (Саха сирэ) 3. Николай Петров (Саха сирэ).