Саха сиригэр 27 тыһыынча туонна уматык айаннаан иһэр
"Тимир суолунан кэлэр көлө уматыгын Аллараа Бэстээхтэн Дьокуускайга диэри таһарга 26 массыына үлэлиир. Хотугу таһаҕаһы тиэрдии бигэргэммит кыраапык быһыытынан барар. Сорох заправкалыыр ыстаансыйаларга быстах кэмнээх хааччах баар. Ол уматык биир тэҥ кээмэйинэн тиэрдиллибэтиттэн сэдиптэнэр, оттон наадыйыы – улахан. Баар балаһыанньаны өйдүүргүтүгэр көрдөһөбүт. Балаһыанньаны тупсарар гына туһааннаах үлэһиттэр ылсан дьарыктаналлар. "Саханефтегазсбыт" АУо-ҕа АИ-92 уонна АИ-95 бэнсиин биир массыынаҕа 20-лии л лимииттээн кутар. Оттон диисэл уматыгар –50 лиитирэҕэ диэри кэмнээн куталлар. Төлөһүүтэ уу харчынан уонна “безналынан” буолар. Күн бүгүн "Саханефтегазсбыт" 5 АЗС-а бэнсиин атыыланар. Онуоха Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа турар 51 нүөмэрдээх АЗС-ка АИ-92 мааркалаах бэнсииҥҥэ лимиитэ улахан", – диэтэ Никита Павлов.