Саха онкологтарын өссө биир суолталаах ситиһиилэрэ
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, соторутааҕыта онкодиспансер хирургтара эмиий араагын быһалларыгар дьахтар бэйэтин матырыйаалыттан ылан түөс оҥорон, микрохирургическай тымырдары чөлүгэр түһэрэн ураты эпэрээссийэни ыыттылар.
Кэрэ аҥаардар эмиий араагын кэннэ тас көстүүлэрэ чөлүгэр түһэрэ олус наадалаах, реабилитацияны, эмтэниини ааһарга эбии күүс биэрэр. Маннык эпэрээссийэлэри ыытар кыах Москватааҕы П.А.Герцен аатынан онкология научнай-чинчийии институтун хирург-онколога профессор Азиза Дильшодовича Зикиряходжаева кэлэн Саха сирин быраастарын үөрэтэн барбытын кэннэ баар буолла.
Эмиий араагын эмтээһин кэмигэр чөлүгэр түһэрэр пластическай хирургия биһиэхэ саҥа киирэн эрэр. Маннык ньымалар олоххо киириилэрэ “Көхтөөх уһун үйэлэнии” федеральнай бырагырааманан өйөнөр.