Саха киинэтэ Турцияҕа ситиһиилэннэ
Бу үөрүүлээх сонуну Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета иһитиннэрдэ.
Киинэни талааннаах режиссердар Семен Аманатов, Михаил Лукачевскай, Любовь Борисова, Сардаана Барабанова уонна Радомир Томскай устубуттар. Ааптардар саха төрүт бырааһынньыгын уратытык, ураннык уонна сонуннук көрдөрбүттэрин Дьүүллүүр сүбэ үрдүктүк сыаналаата.

Устуу үлэтэ былырыын Туймаада ыһыаҕар ыытыллыбыт. Хас биирдии режиссер бэйэтин дьоруойун толору арыйарга дьулуспут. Ол курдук, киинэҕэ «Дыгын оонньууларын» хас да төгүллээх кыттыылааҕа, саха дэгит күрэсчитэ Николай Матаннанов, ааттаах асчыт Николай Атласов, Дьокуускай куорат дьаһалтатын култуураҕа управлениетын начаалынньыга Сардана Брызгалова, быырпах оҥорон таһаарааччы Толлуман Барашков уонна төрүт ох саанан ытыы маастара Нина Софронова уһуллубуттар.
Саха сирин олохтоохторо документальнай киинэни сыл бүтүүтэ, өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура сылын түмүктүүр тэрээһиннэргэ көрүөхтэрэ.
Маны сэргэ, киинэ бэстибээлигэр Семен Аманатов «Минус 50» диэн Чурапчы сылгыһытын туһунан тэттик кээмэйдээх киинэтин көрдөрбүттэр.
Бэстибээл Турцияттан, Казахстантан, Кыргызстантан, Азербайджантан, Узбекистантан, Туркменистантан, Венгрияттан, Боснияттан уонна Герцеговинаттан уонна Арассыыйа тоҕус эрэгийиэниттэн талааннаах кыттааччылары түмпүт. Түмүктүүр түһүмэҕэр 47 финалист тахсыбыт.