Саха гимназия 25 сааһын туолла
Билигин 850-ча оҕо үөрэнэр гимназията бу сыллар устата 1000-тан тахса выпускнигы иитэн таһаарда. Төрөппүттэр түмсүүлэрэ көхтөөхтүк үлэлииллэр. Биһиги гимназия билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, атыттартан уратытын, философиятын туһунан дириэктэр Валентина Софронеевалыын сэһэргэстибит.

Үбүлүөйдээх тэрэээһиннэр саҕаланнылар
– Алтынньы 20-30 күннэригэр үбүлүйдээх тэрээһиннэрбит буола тураллар. Оҕолорго, төрөппүттэргэ уонна кэлэктиипкэ ананар тэрээһиннэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр улахан кэнсиэринэн түмүктэниэхтэрэ. Уон күҥҥэ аттарыллыбыт тэрээһиннэрбитин барытын куйаар ситимигэр таһааран, куар-кодунан бырааһынньыкка сылдьыбатах да дьон көрөллөрүн курдук утары уган иһиэхтээхпит.
Алтынньы 20 күнүгэр оскуолабытыгар оҕолорго анаан үөрүүлээх линейкалары ыыттыбыт. Оҕо бэлиэ күн буоларын соһуйан, сөҕөн-махтайан көрдөҕүнэ өйдөөн хаалар диэммит, 31 учуутал араас өҥнөөх хлопушкалары ытан, истиҥник эҕэрдэлэһэн, гимназия төрүттэниэҕиттэн үлэлиир 10 учуутал парадтаан киирэн үөрдүбүт-көттүбүт.
25 сыл устата ханна да халбарыйбакка, гимназиябытыгар үлэлии сылдьар учууталларбын хайаан да ааттыахпын баҕарабын: Е.Н. Сивцева – география учуутала; Е.С. Куличкина – физика учуутала; Н.А. Тобонова – математика учуутала, дириэктэри солбуйааччы; С.Е. Попова – психолог; Н.Ф. Шеломова – кытай, ангылычаан тылын учуутала; И.С. Аммосова – ньиэмэс тыла; Л.Г. Дедюкина – алын сүһүөх учуутала; 20 сыл солбуллубат сэкирэтээринэн үлэлээбит, каадырга исписэлииспит В.П. Слепцова, М.И. Винокурова – технология учуутала; Н.Н. Необутова – нуучча тылын учуутала. Оскуола тутулугар улахан сабыдыаллаах, сайдыытыгар кылааты киллэрбит дьон диэн ытыктаан ааттыыбыт.
Урут бэтэрээн диэн ааттыыр учууталбыт суох курдук эбит буоллаҕына, билигин бэтэрээннэрдээхпит, ыҥыран ылан көрсөбүт, чиэстиибит, сүбэлэрин-амаларын ылынабыт. Сүрдээх киэҥ хабааннаах ахтыылары хомуйа сылдьабыт. Кинигэбит, үбүлүөйдээх тэрээһиннэри киллэрэн туран, олунньуга тахсыахтаах.
2001 сыллаахха Т.И. Петрова бэрэссэдээтэллээх “Айылгы” төрөппүт бөлөҕө туруорсан арыйбыт оскуолата буоламмыт, арыллыахпытыттан “Иитии кыһата” диэн түмэли үлэлэтэбит. Туох барыта иитииттэн саҕаланар. Ол иһин дьиэ кэргэни кытта ыкса үлэлиибит.

Аҕаҕа ураты сыһыан
– Эһиги сүрүн уратыгыт – уопсастыбаннас арыйтарбыт оскуолата буолаҕыт. Атыттартан өссө туох уратылаахпыт диэҥ этэй?
– Биллэн турар, биһиги бастакы уратыбыт – төрөппүт туруорсан арыйтарбыт оскуолата буолабыт. Иккис уратыбыт – аҕаҕа ураты сыһыаны олохтообут оскуола буолабыт. 2010 сыллаахтан эр дьону оҕо иитиитигэр кыттыһыннарыыга утумнаах үлэни ыытан кэллибит – педкэлэктиип 10-11 учуутал эр киһилээх. Эр дьон учууталлары өрө тутан, усулуобуйа тэрийэн, айар-тутар кыахтарын арыйабыт, өйүүбүт.
Эдэр оҕолор үлэлии кэллэхтэринэ бука бары «Ситис» бөлөххө киирэн үлэлииллэр: манна бааллар уопуттаах учууталлар, орто ыстаастаах учууталлар, саҥа үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит учууталлар. Бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, саҥа кэлээччилэри өйүүллэр.
Саха эр киһитэ айылҕаҕа чугас. Биир саамай кэрэхсэбиллээх тэрээһиммит – сайын эр дьон учууталлар оҕолору кытары (үксүн аҕата суох, ордук болҕомтону ирдиир оҕолору кытта) айылҕаҕа барар 10 күннээх маршруттары тэрийэллэрэ. Олоххо-дьаһахха туһалаах үөрүйэҕи ааспыт оҕолор кэлин мантыларын олохторугар чахчы туһаналларын кэлэн кэпсииллэр. Бу бараары турдахтарына атаарабыт ээ, олох атын сирэйдээх-харахтаах, күһэйиллэн баран эрэр курдук туттан турар буолаллар. Онтон уонча хонугунан көрсөбүт: чыҥха атын харахтаах, харааччы буспут, улаатан хаалбыт оҕолор үөрэн-көтөн кэлэллэр.
– Маннык айылҕаҕа тахсыыны тэрийии тэрээһин өттүнэн билигин эрэйдээх соҕус буолан турар дии...
– Оннук. Барарбытыгар ЫБММ, ГИБДД-га, управаҕа бэлиэтэнэбит, элбэх докумуон ситиһиллэр, толоруллар. Эрдэттэн график оҥоробут, ханнык күҥҥэ ханна баар буолалларын биллэрэн иһэллэр. Уунан, сиринэн айан буолар. Ол эрээри оҕолорбут саамай өйдөөн хаалар чаҕылхай түгэннэрэ буолар тэрээһини туох баар ирдэбиллэри ситиһэн туран тэрийэргэ кыһаллабыт.
Урут Уус Алдан, Чурапчы, Амма, Хаҥалас, Таатта, о.д.а. улуустарга барар этибит. Кэлин хааччах бөҕө баар буолан, куорат иһинэн, куорат аттынааҕы Кэҥкэмэ, Үс Хатыҥ сирдэринэн сылдьар буоллубут.
Эр дьон учууталлары өйүүрбүт, педагогикаҕа эр киһи баар буоларын ситиһэрбит таһынан, биһиги аҕа оруолун өрө тардыыга үлэлиибит. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕонон үксүн ийэ дьарыктанара кистэл буолбатах. Мунньах буоллун, кэнсиэр буоллун, оҕону күн аайы дьиэҕэ үлэтин толорторуу буоллун – үксүн ийэ эппиэтинэһи сүгэр. Биһиги оскуолабытыгар аҕалары күүскэ кыттыһыннарабыт. Аҕа түмсүүтэ элбэҕи үлэлиир.
Спорду өрө тутабыт
– Биһиги оскуолабыт спорка улахан болҕомтону уурар. Эдэр учууталлар волейбол оонньуур хамаандалаахтар. Кэмигэр биһиги бары волейбол, теннис оонньуу сылдьыбыппыт. Методическай холбоһуктар икки ардыларыгар “Дириэктэр кубога” диэни тэрийэр этибит. Волейболга хамаандабыт куорат оскуолаларын ыккардыгар күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһэр.
Спорт кэлэктииби түмэр күүс буолар. Эт-хаан өттүнэн чэгиэн, өйө-санаата ыраас эрэ киһи бары өттүнэн чөл оҕону иитэн таһаарар.
Учууталларбыт нэдиэлэҕэ икки күн киэһэ хаалан дьарыктаналлар. Ол аата кинилэри дьиэ кэргэттэрэ өйүүллэр, кинилэр үлэлэрин сатаан сааһылыыр буолан, спорка бириэмэлэрин аттараллар. Быйыл төрөппүт көмөтүнэн толору экипировкаларын ылан биэрдибит.
Спортивнай саалабыт наар оргуйан олорор. Выпускниктар, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, учууталлар хамаанданан волейболлууллар.

Технолог-тренер диэн үлэһиттээхпит
– Билигин ирдэнэр технологиялары ыстааскыттан тутулуга суох, федеральнай стандарка олоҕуран баһылыахтааххын диэн баар. Людмила Георгиевна Дедюкина методист уонна тренер-технолог диэн аныгы идэлээх үлэһиттээхпит. Ол аата университеты бүтэрэн кэлбит уонна ыстаастаах учууталы тэҥҥэ тутан саҥа технологиялары баһылыырга үөрэтэр, семинардарга ыҥырар, уруоктары былаанныыллар. Үөрэхпит сүрүн хайысхата, дьарыга итинтэн тахсар. Маныаха Людмила Георгиевна “Эльконин-Давыдов” методикатынан үлэлээбит уопута күүстээх тирэх буолар.
Надежда Федотовна Попова (урут Мүрүтээҕи уолаттар гиназияларын төрүттэспит киһи), хомойуох иһин, биһиги кэккэбититтэн былырыын туораабыта, бэйэтин уопутун туһанан, Людмила Георгиевнаны араас куурустарга үөрэттэрэн бэлэмнээбитэ. Онон педагогикаҕа эмиэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр билии диэн баар.
2001 сыллаахха биһиги бары уопуттаах дьон араас улуустартан кэлэн баран, биир сиргэ түмсэн, бары ким тугу аҕалбытынан уопуппутун холбоон, ситэрсэн үлэбит тэтимирэн барбыта. Ону билигин ыһыктыбакка илдьэ сылдьабыт. Сайдыы суолунан күүстээх тэтими ылан айаннаабыппыт 25 сыл буолла. Сороҕор саҥа кэлбит дьон тэтиммитин тулуйбакка, уурайан бараллара баар буолааччы. Сүрдээх түргэнник бара турар былааннаах үлэҕэ биһиги үөрэнэн хаалбыппыт.
Билигин иккис көлүөнэ хамаанданан үлэлии сылдьабыт. Инникитин бу суолтан туораабакка, биһиги дьыалабытын салгыыр дьон бааллар.
Ийэ тылын өрө тутар киһини иитэр миссиялаахпыт
– Саха гимназиятын миссията, философията туохханый?
– Оҕону төрөөбүт тылынан иитээри-үөрэтээри арыллыбыт оскуолабыт. Н.К. Чиряев 1992 сыллаахха национальнай гимназияны арыйар, онтон баҕалаах киһи элбээн барбытыттан филиал арыйар. Биэс сыл филиал быһыытынан үлэлээн баран туспа оскуола буолбуппут.
Бэйэтин төрөөбүт тылынан холкутук саҥарар, төрөөбүт тылын, дойдутун ытыктыыр, сайыннарар, өбүгэлэрин үгэстэрин тутуһар, историятын, култууратын билэр, ааҕар, аан дойду киһитин иитэн-үөрэтэн таһаарабыт.
Төрөөбүт тылтан тирэх ылан оҕо хас да тылы баһылыыр. Бэйэм холобурбунан эттэххэ, саха тылын билэр буоламмын икки омук тылын баһылаан, отуттан тахса сыл учууталлаатым. Ийэ тылбын сэргэ икки омук тылын толору билэр буоламмын, үлэбэр наһаа туһанабын. Омук тыллаах буоллаххына көрүүҥ-истииҥ киэҥ буолар, сайдар кыах элбиир.
– Саха гимназиятын үөрэнээччитэ диэн кимий?
– Бүгүн биһиги оҕолорбут Арассыыйа араас куораттарыгар, аан дойду араас дойдуларыгар атахтарыгар турбут, дьиэ-уот тэриммит, оҕо-уруу тэниппит, ыал буолбут, үчүгэй үлэлээх, толору олохтоох, дьоллоох дьон.
Биир да выпускникпыт оскуоланы бүтэрээт сүтэн хаалбат, төннөн кэлэ, билсэ турар. Ордук уолаттар кэлэллэр, тоҕо диэтэххэ кинилэр манна эр киһи быһыытынан улааталлар. Биир түгэни ахтан аһардахха: арай сарсыарда оскуолабытыгар кэлбиппит, аармыйаттан саҥа кэлбит формалаах дембель кэлэн турар. Биһиги оскуолабытыгар үөрэнэ сылдьан улахан кылаастарга тыа сиригэр көспүт уолбут көрсө кэлбит эбит. Көтөн кэлээт, дойдутугар айанныы охсубакка, үөрэммит оскуолатын күндүтүк санаан, “бу мин сулууспалаан кэллим” диэн киэн туттан, бэйэтин көрдөрө, учууталларын кытта кэпсэтэ кэлбит – маннык түгэннэр, ханнык да үрдүк наҕараадатааҕар күндү буолалларын онно эмиэ өйдөөбүппүт.
Биһиги гимназиспыт төрөөбүт тылын билэр, ытыктыыр, таптыыр, харыстыыр, эппиэтинэһи сүгэр кыахтаах уонна олоххо көхтөөх киһи. Бэйэтэ туспа санаалаах, ол санаатын сайа этэр киһини иитэргэ кыһаллабыт. Холобур, 10-11 кылаастарбыт эбии кэҥэтии быһыытынан туспа оҥоһуллубут дьиэҕэ үөрэнэллэр. 2016 сыллаахха түөрт этээстээх дьиэни өрөмүөннээн улахан кылаастарбытын көһөрбүппүт. Бастакы сылларыгар оҕолор учительскайа, звонога да суох бэйэлэрэ бэрээдэктэрин, дьиэлэрин-уоттарын көрүнэн үөрэммиттэрэ. “Устудьуоннар курдук улахан дьон буолаҕыт”, – диэбитим көһөн тахсалларыгар. Оҕолор бэйэлэрэ тэринэн, Валерия Находкина диэн үөрэнээччини лидеринэн талан, наһаа үчүгэйдик дьаһанан олорбуттара. Сыл бүтэһигэр махтанан, олус ыраастык туттан олороллорун хайҕаан, мап-маҥан доруоска ылан бэлэхтээбитим.
Кэлин иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Степан Олегович Ноевы, оҕо хамсааһынын салайар Максим Геннадьевич Григорьевы ол дьиэбитигэр көһөрбүппүт. Сыл аайы дьиэбитигэр баппат буолан иһэбит.
Төрдүс этээскэ оҕолор бэйэлэрэ “Оскуола көҕүлээһиннэрин киинэ” диэни тэриммиттэрэ. Ону тэҥэ медиа-устуудьуйаламмыппыт, оскуола үлэтин тута сырдата олороллор.
– Билигин хас оҕо үөрэнэрий?
– Бастаан саҕалыырбытыгар 324 оҕолоох этибит, онтон 500 буолбуппут, билигин 850 оҕо үөрэнэр. Бастакы кылааска прописканан көрөн ылабыт. Үрдүкү кылаастарга, баҕалаах оҕолорго, миэстэ баар буоллаҕына, эбии ылыахпытын сөп.
Биһиги үөрэхпит хаачыстыбата үрдээбитин биир олугунан федеральнай инновационнай бырайыакка киирбиппит буолар. Профильнай кылаастары арыйан, оҕолор тус туһаайыылаах бырагырааманан үөрэнэллэр. Ол аата судургутук быһаардахха, холобур, мин естественнэй наукалар хайысхаларын талар буоллахпына, ол иһигэр хас да хайысхалаах, холобур, медик буолуохпун баҕарабын. География уонна обществознание предметтэрин эрдэ былааммар туруоран, график оҥостон, сыл бастакы аҥаарыгар туттаран кэбиһэбин. Оччоҕо миэхэ профильнай химиябар, биологиябар, нуучча тылыгар, математикабар дириҥэтэн үөрэтэрбэр, эбии дьарыктанарбар бириэмэ бэриллэр. Бастаан утаа оҕолор наһаа элбэх иллэҥ бириэмэлэммит курдук буолан сыыһа-халты баран испиттэрэ, онтон туттарар саҕана бириэмэни сөпкө туһаныы наадатын өйдөөбүттэрэ. Ол иһин билиҥҥи оҕолорбут бэлэмнэниилэрэ олус үчүгэй буолла.
Эксээмэннэри тутарыыга көрдөрүүбүт сорох предметтэргэ өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүттэн үрдүк, сорохторго Арассыыйа таһымыттан кытта үрдүк буолар. Естественно-научнай хайысханы өрө тардарга Үөрэх управлениета оскуолаҕа барытыгар сыл биэрэн турардаах. Бу хайысхаҕа үөһээттэн болҕомто ууруллан, көрдөрүүбүт тубуста. Медицина хайысхатын талар оҕо элбээтэ.

Саамай сүрүн сатабыл – алтыһыы
– Үөрэхтээһин стандартыгар билигин хас биирдии киһи туохха эрэ сатабыллаах, билиилээх уонна ону туппутунан исписэлиис буолан барыахтаах. Биһиги оҕо алтыһыыга сатабыллаах буоларыгар болҕомто уурабыт. Бастаан оҕо бэйэтин кытта үөрэнэр, онтон паара буолан үлэлииллэр, онтон бөлөх буолаллар. Оҕо бэйэтин эрэ истибэт, кини тулалыыр дьоно туох дииллэрин өйдүөхтээх. Кэнники кэмҥэ оҕолор алтыһаллара, кэпсэтэллэрэ, саҥараллара аччаата. Саҥаларыгар кэһиллиилээх оҕолор оскуолаҕа киирэллэрэ чахчы элбээтэ.
Кэлэктииппитигэр 50 учууталлаахпыт. Атын үлэһиттэрдиин 70-мут. Каадыр тиийбэт кыһалҕата диэн биһиэхэ суох. Алын сүһүөх учууталларын Педколледж наһаа хаачыстыбалаахтык, таһымнаахтык бэлэмнээн таһаарар. Биһиэхэ быйыл икки физкультура учуутала кэллэ. Пединституттан, психология кафедратыттан, омук тылын факультетыттан кэлэллэр. Практиканы ааспыттар эмиэ сөбүлээн үлэлии хаалаллар. Бэйэбитигэр үөрэммит 3 оҕо омук тылын уонна нуучча тылын учуутала буолан кэлбиттэрэ.
“Ситис” диэн эдэр учууталлар бөлөхтөрө үлэлиир, саҥа кэлбит киһиэхэ көмө оҥорор. Үчүгэй исписэлииһи тутан хаала сатыыбыт. Бастатан туран, музейбытын көрдөрөн, оскуола историятын кэпсиибит, миигин кытта утары көрсөн олорон кэпсэтэллэр, онтон уруоктарыгар сылдьан үөрэтэбит. Ыстааһыттан тутулуга суох, биһиги оскуолабытыгар кэлбит учуутал бу үөрэҕи ааһар, сүүрбэ да сыл, биир да сыл ыстаастаах буоллун – уруок ыытар технологияларбытын баһылыахтаах, үөрэниэхтээх.
“Ситим” эбэлэр бөлөхтөрө баар. Былырыын үлэлэһэн баран саас Мандар Ууска бара сылдьыбыппыт. Баҕа өттүтүнэн кэлэр эбэлэр уруккута үксэ педагогтар буолаллар эбит. Онон биһиги үлэбитигэр наһаа көмөлөһөллөр. Эһэлэрбит ордук ыһыахха көмөлөһөллөр, ахсааннара сыл аайы элбээн иһэр. “Ил Эйгэ” диэн ийэ бөлөҕө эмиэ таһаарыылахтык үлэлиир.
Үбүлүөйбүтүгэр былырыыҥҥыттан бэлэмнэнэн саҕалаабыппыт. Быйыл күһүн Василий Михайлович Филатов диэн төрөппүппүт оскуолабытыгар УАЗ массыына бэлэхтээн үөртэ. Икки оҕото биһиэхэ үөрэнэллэр, бэйэтэ үтүө санаанан салайтаран, меценат быһыытынан көмөлөстө. Бастакы меценаппыт Дармштат куорат олохтооҕо Йоханнес Миттерле 18 сыллааҕыта массыына бэлэхтээбит эбит буоллаҕына, быйыл бэйэбит аҕабыт спонсордаата.
Маннык тиэхиньикэ оҕолору өбүгэ дьарыгар сыһыарар Аҕа сүбэтин тэрээһиннэригэр көдьүүстээх – куйуурга, муҥхаҕа, муус ылыытыгар оҕолору анал оптуобуһунан, массыыналарынан ыытар буоллахпытына, малбытын-салбытын, сэппитин-сэбиргэлбитин ыытарга биһиги суолларбытыгар сөптөөх көлө олус наада буолар. Наһаа соһуччу бэлэҕи тутан, олус долгуйдубут.
Гимназияҕа хайдах киирэллэрий?
– Эһиги гимназияҕытыгар киириэн баҕарар киһи наһаа элбэх. Хайдах киирэллэрий?
– Оскуолаҕа сайаапкалары ыытыы икки түһүмэхтэн турар. Бастаан олорор сирдэринэн, пропискаларынан сайаапка ыыппыттар киирэллэр. Онтон иккис түһүмэххэ проспиканан буолбакка, баҕарар дьон сайаапкаларын көрөбүт. Былырыын, быйыл үчүгэй баҕайытык баҕалаах барыта киирэн хаалла. Урукку курдук оскуола таһыгар хоно сытан уочараттыыр диэн аны суох, барыта Госуслуги нөҥүө барар. Оттон эһиил, мин санаабар, иккис түһүмэххэ миэстэ хаалбата буолуо. Тоҕо диэтэххэ, Лермонтов, П. Алексеев уулуссатыгар саҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутулла тураллар, прописканан олор тоҕо анньан кэлиэхтэрэ.
Бэһис кылааска аҕыйах оҕо Физико-техническэй лицейгэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ туттарсан көһөллөр, эбэтэр сорох оҕо улууска көһүөн, оскуолатын уларытыан сөп. Ол тахсыбыт миэстэҕэ атын оҕолору тургутан көрөн ылабыт. Былырыын 5 миэстэҕэ 50 оҕо күрэстэспитэ. Тургутуу кэмигэр оҕо түөрт сыл үөрэммит билиитин, базатын билиэхтээхпит уонна бэсиэдэлэһэбит. Математикаҕа, нуучча тылыгар, саха тылыгар, омук тылыгар тургутууну ааһаллар. Биллэриибитин официальнай сайтпытыгар, МАХ ханаалбытыгар таһаарабыт. Хас миэстэ тахсара хаһан да эрдэ биллибэт.
Улахан кылаастарга биир эмэ миэстэ таҕыстаҕына эмиэ оннук тургутуунан ааһаллар. Биһиэхэ кэлэн оҕолор аһыллаллар, сахалыы саҥарар буолаллар. Биир оҕо нууччалыы кылааска үөрэнэ сылдьан, бэйэтин баҕатынан кэлэн сахам тылын үөрэтиэм этэ диэн төрөппүттэрин хамсатан, тургутууну ааһан үөрэнэ киирбитэ, манна кэлэн сахатыйбыта, оскуолатын этэҥҥэ үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн барбыта. Оҕо бэйэтэ баҕаран кэлэрэ эмиэ баар.
Биһиги курдук чөкө оскуолаҕа хас биирдии оҕоҕун көрө-истэ, билсэ олорорго үчүгэй.
– Доруобуйаларынан уратылаах оҕолору кытта үлэ барар дуо?
– ОВЗ-лаах оҕолор эмиэ бааллар. Төрөппүт сөпкө быһаарыныыны кэмигэр ылынан, ПМПК аастаҕына оҕотугар да, бэйэтигэр да наһаа үчүгэй буолар. Бу оҕо ханнык да атын оскуолаҕа көспөт, кылааһын кытта киниэхэ эрэ анаммыт бырагырааманан үөрэнэр кыах баар буолар. Ону төрөппүт ситэ өйдөөбөтө эмиэ баар – хамыыһыйаҕа ыыттылар, ол аата мин оҕобун бырагырааманы кыайбат диэн анал оскуолаҕа ыытаары гыннылар дии саныыллар. Биһиги бииргэ үлэлэһэбит. Кэмигэр дьаһаныахха эрэ наада.
Дефектолог, логопед ыстаата биһиэхэ суох. Дьиҥэ, билигин саамай наадалаах исписэлиистэр буоллулар. Кэһиллиилээх оҕо элбэх.
Медпуун иккис сылын үлэлиир. Кэлиҥҥи икки сылга оскуолалаларга медик баар буоларын ситистилэр. Толору хааччыллыылаах кабинет оҥорон исписэлииһи ыҥырбыппыт, 1-кы поликлиникаттан медик кэлэн үлэлиир. Дьиҥэ, медиктэр балыыһаларга да тиийбэттэр ээ. Урут медик суох эрдэҕинэ, оҕо эчэйиитэ таҕыста да, учууталлар бастакы көмөнү оҥорорго күһэллэллэр этэ. Медик билигин 16:00 чааска диэри үлэлиир, оттон оскуола 19:00 диэри үлэлиир, онон 16:00 чаастан бэттэх эмиэ учууталлар дьуһуурустубалыыллар.
– Эбии үөрэхтээһин, куруһуок тэрийэр кыах баар дуо?
– Эбии үөрэхтээһин, куруһуок баар услуобуйаҕа тэрийэр кыахтаахпытын көрөн эрэ оҥоробут. Саахымат, дуобат секцията үлэлиир. Спортивнай секциялардаахпыт, орто сүһүөхтэргэ волейбол үчүгэйдик баран иһэр – оҕолорбут элбэх күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһэллэр. Тылы сайыннарарга эбии дьарыктардаахпыт.
Туола илик баҕа санаабыт диэн икки дьиэбитин холбуур функциональнай ситимниир тутууну туруорсабыт. Көннөрү “теплый переход” эрэ буолбакка, туһалаах буолуон баҕарабыт. 2023 сыллаахха оскуолабыт дьиэтэ иккис хапытаалынай өрөмүөн барбыт эбит буоллаҕына, билигин иккис дьиэбит 2027 сыллааха өрөмүөҥҥэ бараары турар – “Үөрэх эйгэтин модернизациялааһын” федеральнай бырагыраамаҕа киирдибит.
– Ийэ тыл күнүгэр биир төгүрүк остуолга сахалыы оскуолаларга ыһыахтыыр сир аныыры туруорсубуттара баара. Ол ханна тиийдэ?
– Куруук туруорсабыт. Билиҥҥитэ туруорсуу эрэ таһымыгар сылдьар, баһылыкка киирэ сылдьыбыппыт. Бэйэбит анаммыт сирбит диэн суох. Саха оскуолалара бары биир күн ыһыахтыыбыт. Сир суох диэн буолбатах, булан-кэпсэтэн ыһыахтыыбыт. Чахчы үрдүк таһымҥа ыытыллар, сылы түмүктүүр биир саамай улахан тэрээһиммит. Учуутал, төрөппүт, оҕо түһүлгэлээн олорон алтыһар күнэ буолар. Кэнники сылларга Тулагы Киллэм сиригэр ыһыахтыыбыт, кэпсэтиитин эрдэттэн сыл инниттэн ыытабыт.
Ыһыах буолар сиригэр оскуола салалтата биир күн иннинэ тиийэн сиэр-туом ыытабыт. Ыһыах тэрээһиннэригэр эппиэтинэстээх төрөппүттэр ананаллар, кылааһынан ыыталлар.
– ОГЭ, БКЭ көрдөрүүтэ хайдаҕый?
– Олох үчүгэй. Бары аттестаттарын ылаллар. Профильларынан эксээмэннэрин бэркэ туттараллар. Биэс бастыҥ оскуола иһигэр баарбыт. Выпускниктарбыт үөрэххэ киириилэрэ эмиэ олох үчүгэй.
Быйыл үс предмеккэ 99, 98, 97 бааллаах оҕолоохпут. Туох да репетитора суох туттарбыт. Биһиги хаһан да 100 бааллаах оҕолору бэлэмниир сыалы эккирэппэппит, оҕолор тус графиктарын бэйэлэрэ сааһыланан, “прогноз” диэни оҥостон бэлэмнэнэллэр. Туох да стреһэ суох туттараллар.
Бу 23 чыыһылаҕа выпускниктар күннэрэ буолла. Бэйэлэрэ тэрийдилэр, үөрэнээччилэрбитин кытта көрүстүбүт. Выпускниктар түмсүүлэрэ бэркэ үлэлиир.
– Патриотическай иитии хайдах барарый?
– “Движение первых” регионнааҕы салаатыгар баарбыт. “Айсберг” диэн оҕо хамсааһына үлэлиир. “Зарница 2.0” диэн күрэххэ өрөспүүбүлүкэҕэ үһүстээбиттэрэ – манна спорт, тактическай медицина барыта киирэн сылдьар. Егор Егорович Жерготов анал исписэлиис кэмигэр кэлэн үлэбит үрдүк таһымҥа таҕыста.
– Олимпиаднай хамсааһын хайдаҕый?
– НПК-тан саҕалыыбыт. Е.Н. Сивцева салайыытынан “Научное лето” диэн бырайыактаахпыт. Быйыл кини туруорсуутунан Нуучча географическай уопсастыбатын регионнааҕы салаата буоллубут. Туризмҥа күрэхтэһиилэргэ кыттар буоллубут. НПК-ҕа оҕо барыта кыттыан сөп. Оҕо кылаас иһиттэн саҕалыыр, онтон оскуолаҕа тахсар, онтон бастыҥнар куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ тахсаллар. Оттон олимпиадаҕа ким баҕарар кыттар кыаҕа суох. Сүүмэрдэммит оҕолор таһымнарыттан көрөн учууталлар бэлэмнииллэр.
Сайыҥҥы лааҕыр ыытар сирбит суох. Ол иһин оҕолору кытары Кымыс Байбалга барабыт. Педсовеппытын наар айылҕаҕа ыытабыт, Табаҕанан, Үс Хатыҥынан сатыы сылдьан туристыыбыт уонна үлэбитин кэпсэтэбит.
– Арай хааччаҕа суох үбүлээһини көрөллөрө буоллар, хайдах туһаныа этигитий?
– Билигин инновация өттүнэн сайдыахха наада. Оҥоһуу өйү сөпкө туһанарга үөрэниэхпит этэ. Ити өттүгэр сөбүн көрөн дьаһаныа этибит.
Саамай улахан баҕа санаабыт – толору, оскуола ирдэбилигэр барытыгар эппиэттиир дьиэ-уот буоллаҕа дии. Түөртэ улахан көһүүлэри аастыбыт, ол тухары “приспособленнай” дьиэлээхпит. Атын сирдэргэ тиийэн наар улахан иэннээх оскуолалары ымсыыра көрөбүн, бастакы уочарат иэннэрэ төһөтүн ыйытабын. Ити ДСК, Прометей түөлбэлэригэр наһаа улахан астык оскуолалары тутан таһаардылар. Биһиги эмиэ хаһан эрэ улахан, дьиҥнээхтик оскуолаҕа анаммыт бырайыактаах дьиэлэниэхпит.
***
Бэйэтин кэмигэр Саха гимназията төрөппүт улаханнык туруорсан, кэм ирдэбилигэр эппиэт быһыытынан, национальнай тыын күүһүрэр кэмигэр сахалыы оскуола наада буолбутугар тэриллибитэ. Оттон билигин баараҕай улахан дьиэлээх оскуолалар тутуллаллар даҕаны, оннук сахалыы тыыннаах оскуоланы тэрийии тоҕо эрэ кыаллыбат...