Саха циркэтин сайыннарар тосхоллору дьүүллэстилэр
Киин куорат аҕа баһылыга Дмитрий Садовников кэлэктииби кытта көрсүһүү кэнниттэн 2027 сылга сылаас тохтобулу туруорар буолбуттарын иһитиннэрдэ. Бу – көрөөччүлэр уонна чугастааҕы дьиэлэр олохтоохторун сүрүн көрдөһүүлэрэ.

Маны таһынан, цирк тула сири-уоту тупсаран оҥорор уонна саҥа сквери оҥорор былааннаахтар. Тэрилтэ «Градо студио» бюрону кытта «Куорат эйгэтин табыгастаах оҥоруу» федеральнай бырайыак куоластааһыныгар кыттарга сайаапка бэлэмниэҕэ. Онуоха Олохтоох дьаһалта күүс-көмө, өйөбүл буолуоҕа.
Сүрүн боппуруос – цирк иккис уочаратын тутуу. Манна даҕатан эттэххэ, тэрилтэ бу бырайыагы олоххо киллэрэри туруорсубута ыраатта. Ону Горькай уулуссатын өттүгэр тутар былааннаахтар. Онно икки мас дьиэ турбутуттан биирин номнуо көтүрбүттэр. Билигин бырайыак түргэнник олоххо киирэрин туһугар инвестордары тардар кыаҕы көрөллөр.
Ону таһынан, үөрэх уонна култуура управлениеларын кытта тиһиктээх үлэни тэрийэр сорук турда. Афишалары уонна биллэриилэри оскуолаларга, оҕо уһуйааннарыгар уонна култуура кииннэригэр ыйыахтара. Циркэҕэ бөлөҕүнэн кэлээччилэргэ анал чэпчэтиилэри олохтуохтара.