Саха циркэтин астык экскурсиятыгар сырыттыбыт
Кылааһынан, 15 киһиттэн элбэх буолан бөлөҕүнэн сылдьыахха сөп эбит, сыаната олус удамыр. Биһиги, Дьокуускай 21 №-дээх оскуолатын 4 “г” кылааһын үөрэнээччилэрэ, бастакы чиэппэр түмүктэммитинэн циркэҕэ ыалдьыттаатыбыт. Экскурсияны СӨ култууратын туйгуна, холууптары дрессировкалыыр циркэ артыыһа Александра Николаева олус үчүгэйдик ыытта.
Циркэ гардеробуттан саҕалаан дьиэтин иһигэр туох ханна баарын, техническэй сэбилэниитин, сэкириэттэрин олус умсугутуулаахтык кэпсиир бырагырааманы бэлэмнээбиттэр.
Бастаан кылгас сэрэтэр кэпсэтии ыытан баран тута репетиционнай саалаҕа киллэрэн дрессировкаламмыт Дьэргэй уонна Бровка диэн саха лаайкаларын көрдөрдүлэр, дрессировкалыыр хаһаайкалара биһиги ыйытыыларбытыгар эппиэттээтэ; фокусник Дмитрий Колосов буоларын курдук аптаах фокустарынан сөхтөрдө; каучук жанрыгар Пекин цирковой студиятыгар үөрэммит, 21 №-дээх оскуола выпускнига Эдуард Васильев хайдах дьарыктанарын, күннээҕи эрэсиимин кэпсээтэ.
Салгыы тыһыынчанан көстүүмнэр хараллан турар хосторун, худуоһунньуктар хайдах үлэлииллэрин, циркэ уота-күөһэ, тыаһа-ууһа хайдах уонна ханна оҥоһулларын кэритэ сылдьан кэпсээтилэр. Бу күннэргэ саҥа буолаары турар “Время приключений” цирковой шоу бэлэмнэниитин көрдүбүт, арена быыһын кэннигэр туох баарын, нүөмэрдэргэ артыыстар хантан тахсалларын сиһилии кэпсээтилэр.
Бриллиантовай циркэбит ис олоҕун билсэн олус астынныбыт, дуоһуйдубут, махталбытын биллэрэбит. Каникуллары туһанан, циркэ экскурсиятыгар сылдьаргытыгар сүбэлиибит.




